Перевод с якутского
ээх
сыһыат, тыл
Нууччалыы выражает одобрение, согласие говорящего
1 #
саҥа алл. Саҥарааччы сөбүлэһиитин, сөбүлэһэр санаатын биллэриитин көрдөрөр (сөп)
Нууччалыы Выражает одобрение, согласие говорящего (ладно, хорошо)
Сүтүөр ыалым, Сүдү кырдьаҕаһым, Эһиги бэйэлээхтэр "Ээх" дииргитин Иһитиннэрэ охсуҥ!
П. Ойуунускай"Ээх, сөп, хаһыам!" – диэн баран, уол таһырдьа тэп гынан хаалар.
Суорун ОмоллоонКим билэр, тойон дьиэлээх, тугу дойҕохтоон эрэриҥ буолла. Ол кимнээх ээх диэн барсыбыттарый? ХС
2 этии #
Нууччалыы Ни от чего не отказывающийся; на всё согласный. [Лёха] өрүү ээҕи кытта сылдьар
Этиилэр
Ээҕи кытта (ээх хоту) сылдьар
утарбакка, мэлдьи сөбүлэһэр (тугу эппиккэ барытыгар "ээх" эрэ диир) Н.
Борисов. Ээҕи эрэ кытта сырыттаххына, киһи буолаахтыаҥ. ХС Уларыта тутуу саҕаланарын кытта -- кырдьаҕас көлүөнэни тугу да үлэлээбэтэх, акаары, ээҕи кытта сылдьыбыт истигэн кулуттар курдук үөҕэн барбыппыт. "Саха с. ".
Ээҕин ыл
туохха эмэ сөбүлэһиннэр, сөбүлэҥин ыл.
Вынудить кого-л. согласиться на что-л.; взять чьё-л. согласие.
[Бииктэр:] Дьэ ээҕин ыллым ээ. Оттон муус үтүмэн оҥостоо инибин.
Суорун ОмоллоонЫмыы диэн да ааттаннар, Кыыспыт өһөс эбит этэ: Ылдьаа кырбаан даҕаны Кыайан ээҕин ылбатаҕа. Күннүк Уурастыырап
Ээҕин этит көр этит I
[Тойоттор – Толомон Ньургустайга:] Кулун Куллустууру Ээҕин этитэҥҥин, Иннин ылаҥҥын Эргиллэн кэлэр күҥҥэр, Уол оҕонон Уруйдуох этибит, Кыыс оҕонон Айхаллыах этибит. ТТИГ КХКК. Хара түөкүнү мин эйигин сибилигин ээххин этитиэм, иэҥҥин хастыам! В. Протодьяконов Кыһыл буолбут илэчиискэлэри бэрт түргэнник тутар, ээхтэрин этитэр наада. ВНГ ГОПХ
Ээҕин эттэ көр эт I
Уолчаан, этэрбэһин бэйэтэ кэтэ сатаан баран, ээҕин эттэ.
Таптал буоллун
сорох куотар, симиттэр, сорох кууһар, имэрийэр, сорох кэлтэй эрэйдэнэр, сорох аны ээҕин этэр.
"Ээх" ууһун дьоно көр ээх ууһуттан кэлбит киһи. Абыраамаптар убайдыы-бырааттыылар "ээх" ууһун дьоно.
Ээх ууһуттан кэлбит киһи
барыларын кытары сөбүлэһэр киһи; барытыгар сөп диир киһи.
Согласный со всеми; на всё согласный (букв.
человек из рода "даһ). Убайым ээх ууһуттан кэлбит киһи.
Ээх үһү диэн
үчүгэйдик толкуйдаабакка, кэнэнник сөбүлэһэн баран.
Согласившись (опрометчиво, наивно).
Катя кыра оҕолору ээх үһү диэн илдьэ хаалан баран кэмсиннэ.
Ээххэ дылы
сөбүлэнэн баран аккаастанар биитэр биири оҥоруох буолан баран, атыннык оҥорор.
Согласившись на что-л.
, отказывается или делает по другому, обещав сделав что-л. Марыына ээххэ дылы, этэн баран эмиэ аккаастанна
3 #
ыан т. Саҥарааччы сөбүлээбэтин, туохтан эмэ кыйаханарын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает неодобрение, раздражение говорящего по поводу чего-л. надоевшего. [Өлөөнө:] Чэ, чэ, ээх, хайааҥ даҕаны
Дьону кытта ылсыбакка-бэрсибэккэ, хайдах олорор эбиккит. С. Ефремов [Дарыбыан:] Эйигин үс дойду күлүү-элэк оҥостор. Ону билэҕин дуо, акаары? [Суоппуйа:] Чэ ээх, аргыый. Н. Туобулаахап "Чэ ээх, бэйэм да бараары олоробун!" – дии тоһуйда Лина ХС