ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үчүгэй

даҕааһын, ынырыы

Нууччалыы хороший.

English good

даҕааһын

Орто таһымтан хайа эмэ өттүнэн, хайа эмэ хаачыстыбатынан ордор, чорбойор, куотар, туйгун таһымыгар тиийбэт

Нууччалыы Хороший. Оҕонньор буоллаҕына, биир үчүгэй дьыаланы бүтэрдим диэн, санаата-оноото суох арыылаах килиэби мотуйбутунан барда. П. Ойуунускай. Онон оҕом, иним, кырдьык, үчүгэй киһи үөскээн эрэр эбит. Эрилик Эристиин. Бастатан туруорбут Баараҕай сорукпут – Үчүгэй үүнүүнү хочуурга, Үгүһү өлгөмнүк оруурга. Күннүк Уурастыырап. Үчүгэй киһи тахсыа – улааттаҕына үчүгэй киһи буолуо диэн барҕалаан этии (кыра оҕо туһунан). Будет, станет хорошим человеком (предположительное высказывание о младенце). [Дьаакып:] Эһэҥ бокуонньук этэр буолара, бу кыра уолгуттан үчүгэй киһи тахсыа, уҥуоххун киһи көтөҕүө диэн. А. Софронов. Үчүгэй (куһаҕан) эркиннээх – билсибит, бодоруспут киһитин үчүгэйгэ тиэрдэр (эбэтэр куһаҕаҥҥа тэбэр). Имеющий хорошее (или дурное) влияние. Кини үчүгэй эркиннээх киһи этэ, куһаҕаҥҥа тэбиэ суоҕа. Үчүгэй кураан күн – мөлтөх тыаллаах, былыта суох ыраас күн. Хороший, сухой день. Бу үчүгэй кураан күннэри куоттарымыахха наада

«Ү» буукуба