ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үтүө

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы хороший; доброжелательный; добрый; вид; благородный

English good, benevolent, kind, noble

Ис хоһооно · 11

1 даҕааһын #

Нууччалыы хороший; доброжелательный; добрый; вид; благородный

English good, benevolent, kind, noble

  • Үтүө сарсыарданан!
    Доброе утро!Good morning!

2 даҕааһын #

Олус үчүгэй, эриэ дэхси үчүгэй

Нууччалыы Очень хороший, прекрасный, превосходный

  • Биирдэ уһулуччу үөрүүлээх үтүө киэһэ буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол киэһэ, дьэ, кырдьык даҕаны, үтүө да кэпсэтии тахсыбыт эбит диэн, билигин саныыбын.
    А. Сыромятникова
  • Саҥа киирбит үтүө дьиэбит Саргы киинэ буолуохтун, Кинини ким мин дьиэм диэбит Кэрэ кэскил буолуохтун
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (2)
  • Кэнники нам-нум буолан бараммын бу үтүөҕүн тугунан эмит төлүөм.
    А. Софронов
  • Үгүс үтүөнү, үчүгэйи биһиги ааспытын, биитэр суох буолбутун кэннэ эрэ биирдэ өйдүүбүт, ардыгар
    Н. Лугинов

3 даҕааһын #

Туох баар үчүгэйи, этэҥҥэ буолууну эрэ кэрэһэлиир (эҕэрдэҕэ тут-лар)

Нууччалыы Несущий благо, добро, благополучие (приветствие)

  • Үтүө күнүнэн, күндү доҕоттоор!
  • Үтүө тыл баайдааҕар күндү (өс хоһ.). Үтүө тылларын иһин сиртэн-халааҥҥа диэри махтал буолуохтун!
    Н. Габышев
  • Үтүө айаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Уҥуохтаах көнөтө, дьүһүннээх үтүөтэ, кырдьык даҕаны бухатыыр босуоннаах, быһый быһыылаах киһи кэлэн бар дьоҥҥо үстэ сүгүрүс гынна.
    П. Ойуунускай
  • Улахан тутууларга үксүгэр Дьон үтүөлэрэ, дьиҥнээх патриоттар кэлэллэрэ.
    И. Гоголев
  • Үһүйээн өссө хамначчыт уол киһи үтүөтэ эбитэ үһү диэн кэпсиир
    Далан

4 даҕааһын #

Дьоҥҥо чугас, үчүгэй, киһилии майгылаах

Нууччалыы Делающий добро другим, добродушный, отзывчивый

  • Үтүө да дьоннор мустубут эбиттэр.
  • [Сэмэнчик:] Дээдэм, аһыммыккар баһыыба! Эн үтүө киһи буолаҥҥын бачча тухары дьон буолан олордохпут дии.
    П. Ойуунускай
  • [Барахсаанап:] Эрэнэбин, эн үтүө, аһыныгас санааҕар.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Кырыктаах киһи кылгас үйэлээх, үтүө санаалаах киһи үчүгэй, үгүс кэнчээрилээх. А. Кривошапкин (тылб.)

5 даҕааһын #

Баай-тот, өҥ (сир-дойду)

Нууччалыы Благодатный, приносящий довольство (земля)

  • Дьөгүөрдээн куолутунан үтүө ходуһалартан барыларыттан аккаастанара.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги Сахабыт сирэ киэҥ даҕаны, хайдах курдук үтүө сыһыылар, алаастар, үрэхтэр баалларый?.
    А. Федоров
  • Үтүө күөл онно ходуһаҕа бэрт киэҥ сири ол отчут уолаттарыныын охсон килэһиппит
    ХС

6 даҕааһын #

таах-суоллаах, биллэр-көстөр төрүттээх

Нууччалыы Благородный, знатный

  • Куорат сахаларын маҥнайгы мунньаҕар, үтүө төрүттээхтэр мунньустар дьиэлэригэр В. В. Никифоров кэнниттэн Максим биһиги тахсаммыт тыл эппиппит.
    П. Ойуунускай
  • Сүөдэр Бэһиэлэйэп "үтүө төрүттээх кырдьаҕас оҕонньор".
    Амма Аччыгыйа
  • Үтүө төрүттээхтэр үрдүбэр түстүлэр, Кулуттар чугуҥнуу турдулар
    А. Бэрияк

7 даҕааһын #

Ама соҕус, арыый үчүгэй (хол., ыалдьан баран үтүөрэн эрэр киһини этэргэ)

Нууччалыы Сносный, лучше, легче, полегче (после болезни)

  • Ыарыһахтары, кистэл буолбатах, үтүө соҕус буоллулар даҕаны, таһаарарга күһэллэллэр. "Кыым". Нина үтүө буолан эрэр. Сотору оскуолабар барыам диир
    КИИ СТ-

8 аат тыл #

Киһини үөрдэр, киһиэхэ туһаны эрэ аҕалар туох эмэ, туох эмэ өҥө

Нууччалыы Всё положительное, хорошее, полезное. [Дьэкиим Маарыйаҕа:] Үчүгэй, баһыыба

9 аат тыл #

Киһиттэн үчүгэйдэрэ, бастыҥнара, талыылара

Нууччалыы Лучший из лучших, замечательнейший человек

10 этии #

Үтүө быар түөлбэ. –улаханнык күлсүү-салсыы, күлэн лаһыгыратыһыы

Нууччалыы Громкий смех, дружный хохот

11 этии #

Нууччалыы Безукоризненное, честное имя, доброе имя

Этиилэр

Үтүө аат

тугунан да марайдамматах, эҥкилэ суох аат Эн үтүө ааккар, Үрдүк сураххар, Тоҕус халлааҥҥа тиийэ аатырдан туран, туйгун тунах ыһыаҕы туругуттубут.

  • Ньургун Боотур. Аҕабыт үтүө аатын алдьатымаҥ, ытык этин киртитимэҥ, тэпсимэҥ.
    П. Ойуунускай
  • Ол курдук, туох үтүө ааппар, эн миэхэ куккун туттардаҥый? Г. Нынныров

«Ү» буукуба