Перевод с якутского
үтүөкэн
даҕааһын
Нууччалыы крепкий, добротный, добротно сделанный
1 даҕааһын #
даҕ
Хотонноох балаҕан сириллэн, Үтүөкэн дьиэлэри туттулар. Былыргы хараҥа эһиллэн, Саҥалыы сырдыгы буллулар. Эрилик Эристиин Оо, дьэ, үтүөкэн күргэни оҥорбуттар, хор, киһилии үлэлээбитим буоллар, Лука Иванов оҥорсубута диэн мин аатым кытта ахтыллыа этэ. М. Доҕордуурап Дьэ, эрэ, Холкуостаах хоодуоттарым, Тиэтэтиэҕиҥ эрэ, Дириҥ акылааты! Үлэлэтэ охсуоҕуҥ Үтүөкэн Станцияны! С. Васильев
2 даҕааһын #
Бөҕө-таҕа, бигэ уонна модьу оҥоһуулаах
Нууччалыы Крепкий, добротный, добротно сделанный
3 даҕааһын #
Көстөр дьүһүнүнэн, майгытынан киһи көрөн кэрэхсиир, сөбүлүү көрөр
Нууччалыы Привлекающий внимание своей внешностью, характером
Намыһах уҥуохтаах, нууччалыы кыһыл хааннаах, эйэҕэс, үтүөкэн майгылаах киһи. Н. Заболоцкай Дьэ, барахсан, үтүөкэн да дьүһүннээх хотун-хаан, кыыс оҕо эбит. И. Никифоров Дьэ, үтүөкэн киһи аатаҕын, биир дьиэктээххин – омунуҥ бэрт
Л. Габышев