Перевод с якутского
чыычый
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы слово, предостерегающее маленьких детей от какой-л. опасности: опасно, страшно
1 аат тыл #
Кыра оҕону туох эмэ кутталлаах суолтан (хол., уоттан, дириҥ ууттан) сэрэтэр, буойар тыл: тыытыма, чугаһаама, сатаммат диэн суолтаҕа этиллэр
Нууччалыы Слово, предостерегающее маленьких детей от какой-л. опасности: опасно, страшно (напр., от огня или глубоких водоёмов)
Ити – чыычый? – диэн куттаары гыммыта. Күннүк Уурастыырап Микиитэ балаҕан кэннигэр соҕотоҕун хаалла. Эбэҕэ киирэр чыычый! Амма Аччыгыйа
2 аат тыл #
суолт., кэпс. Дьиҥ чахчы суох, өйгө оҥоһуллубут ханнык эмэ кутталлаах, ынырык харамай (улахан дьон кыра оҕолору туохтан эмэ буойаары, сэрэтээри айбыт уобарастара)
Нууччалыы Мифическое, фантастическое существо с устрашающей внешностью (выдуманное взрослыми, чтобы пугать им маленьких детей, обычно предостерегая от какой-л. опасности)
Онно кими да ыыппаттара, "Чыычыйынан" куттууллара. С. Данилов [Эмээхсин – оҕолоругар:] Мэниктээйэҕит, чыычый кэлиэ… Уоттан сэрэнээриҥ И. Гоголев
3 даҕааһын #
суолт., кэпс. Киһи саллар, сүрдээх (үксүгэр кими, тугу эмэ сөҕөн-махтайан этэллэр)
Нууччалыы Невероятный, удивительный (с оттенком восхищения). [Эриэн Бэргэһэ:] Баачыкабыт мончуукка саантаабыт атыыр анды курдук сахсаҥнаан чыычый киһи сылдьар эбит
Чыычый биилээх кылыстан Чымарыттан турбата. ПЭК СЯЯ. Чыычый киһи этэ, сахаҕа бастакы театральнай кириитик этэ ХС