ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

этит

туохтуур

Нууччалыы силой вынудить кого-л. дать согласие на что-л. или признаться в чём-л. (букв. заставить сказать "даһ). [Баһылай:] Сибилигин тылын ыйытан, ээҕин этитиэххэ баар!

I

1 этии #

Нууччалыы Силой вынудить кого-л. дать согласие на что-л. или признаться в чём-л. (букв. заставить сказать "даһ). [Баһылай:] Сибилигин тылын ыйытан, ээҕин этитиэххэ баар!

  • эт I диэнтэн дьаһ. туһ. [Абааһы уолун] дьэ, эҥин тылын этитэн-этитэн, туотан туран туох да ыспыыската суох өлөрдүлэр. Ньургун Боотур. [Марина:] Миигин сүрэҕим ити курдук этитэр.
    П. Ойуунускай
  • Киэһэ биэстэ этитэн сытар, сарсыарда уонна ыҥыртаран турар уол. Амма Аччыгыйа

Этиилэр

Ийэтигэр эппэтэх тылын этит көр ийэ

  • Буруйдааҕы тутан ыланнар, үлтү сынньаннар, ийэтигэр эппэтэх тылын этиттилэр.
  • Ийэтигэр эппэтэх тылын этиттилэр, иннин ыллылар.
    ТТИГ КХКК

Таба этит көр таба II

  • Хамначчыттар, дьадаҥылар сүрэхтэригэр-быардарыгар саас-үйэ тухары дьөлө иҥэн ааллара сылдьыбыт баастарын таба этитэн, сэргэхсийэн истилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Бурхалей бэйэтэ да куруук саныыр санаатын таба этитэн, бэрт хамаҕатык кэпсэтэн барда.
    Эрилик Эристиин

Ээҕин этит

тугунан эмэ кыһайан туран кимтэн эмэ туохха эмэ сөбүлэҥин ыл эбэтэр тугу эмэ оҥорбутун билиннэр А.

  • Софронов. Чэ, тахсыах, били дьэгээркэни баҕас ээҕин этитээ инибит.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэрээннэриттэн тахсыбыт бандьыыттар үгүс доппуруос, накаастааһын да кэнниттэн, эдэр дьоруойу ээҕин этиппэтэхтэрэ. "ХС"

2 этии #

Этиилэр

Көхсүгүн этит көр көҕүс II

  • [Микиитэ] мүчүйэ түһэн ылла, көхсүн этиттэ, сыҥаах баттанна, аҥаар атаҕын оллооннуу уурда.
    Р. Кулаковскай
  • Оҕонньор куруттан чохороон сүгэтин сүөрэн, чөҥөчөккө батары оҕуста, көхсүн этиттэ. Л. Габышев
II

3 туохтуур #

, этногр. Толкуйдаан буолбакка, эмискэччи киһини соһутар, сөхтөрөр тыллары саҥар (ураты, көстүбэт күүс саҥардарын курдук)

Нууччалыы Говорить, сказать внезапно, непреднамеренно, словно выражая посыл внешних, невидимых сил (такие слова обычно сильно удивляют, обескураживают людей)

  • Дьикти ыалдьыт эмискэ, этиппит курдук, кимиэхэ да кэпсээбэт ис санааларбар быһаччы сыһыаннаах тыллары саҥарда.
  • Кыыһа барыта кырасыабайын, Кыталыга барыта ырыаһытын, Эр дьоно, Этитэн кэлбит курдук, Эчи Элэккэйдэрин, Эйэлэрин!
    С. Тарасов
  • Ийэ бараан түүн, иччилэммиттии, Этиппит курдук, дьиктитийэн истэ
    А. Абаҕыыныскай

«Э» буукуба