Перевод с якутского
этис
Нууччалыы браниться, ругаться, ссориться
1 #
эт I диэнтэн холб. туһ. Улаатан, үчүгэй дьон буолан көрсүспүттэригэр эҕэрдэ-айхал этиһэллэрин оннугар, уһун дьыллаах эрэйдэрэ бүөлүү биэрэн бобуллан хаалан туран кэпсэппиттэрэ. Эрилик Эристиин
2 #
Кыыһырсан, кыйаханан бэйэ-бэйэҕин кытта хабырдык, толоостук саҥарыс, хаһыытас
Нууччалыы Браниться, ругаться, ссориться
Этиспэтэх, охсуспатах, Иллээх сэмэй бэйэлэрэ, Ити курдук, Дьэбдьиэй, Ылдьаа Иирсэн ар-бур буоллулар. Күннүк Уурастыырап [Уйбаныаптар] улахана күүһүнэн куттуур, кырата тылынан баһыйар буоланнар, өр этиспэттэр, ардырҕаһа түһээт, аасыһан хаалаллар. Амма Аччыгыйа [Анфиса] дьукаах дьахталлардыын дэҥҥэ этиһэн чаҥкыныыра иһиллэр – дьэ, хатан, чочураан куолас! Н. Габышев