ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иирис

туохтуур

Нууччалыы ссориться

English to quarrel

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы ссориться

English to quarrel

  • доҕордуулар ииристилэр
    друзья поссорилисьthe friends quarreled

2 туохтуур #

Нууччалыы запутываться; растерянный; запутанный

English to become tangled, confused, obfuscated

  • күөгүлэр быалара иирсибиттэр
    лески у удочек спуталисьthe fishing rods' lines got mixed up

3 туохтуур #

Бэйэ-бэйэҕэр эриллэн, хатыһан хаал

Нууччалыы Запутываться, приходить в беспорядок (напр., о нитках)

  • Ньукулаас дэлби иирсэн хаалбыт илимин, иҥнибит аҕыйах бытархай балыгын кытары суулуу тутан, тыытыгар бырахпыта.
    С. Никифоров
  • Кини хас да хонукка суумматах илиилэрэ, үүнэн-үүнэн баран иирсэн арбайан хаалбыт баттаҕа уол кэпсээнэ кырдьыгын туоһулууллара.
    И. Никифоров
  • Иирбэ-таарба барыта сааһыланна, Иирсибит илим хараҕа ырытылынна
    С. Васильев

4 туохтуур #

Кими эмэ кытта этиһэн, айдаарсан өстөс

Нууччалыы Поссориться с кем-л

  • Байбаллаах Марба олорбуттарын былааныгар ситиччэ улаханнык иирсэ илик этилэр.
    Күндэ
  • Уйбаан кинээһи кытта иирсэн бараммын, Сүөдэр Бэһиэлэйэп аҕата ыстаарыһа Өлөксөйгө олорбут сайыным этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэбдьиэлиин иирсибит, быраҕаары тииспит кэмнээҕэ.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)

«И» буукуба