ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уустук

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы запутанный; трудный

English confusing, difficult

1 даҕааһын #

Нууччалыы запутанный; трудный

English confusing, difficult

  • уустук сорук
    трудное заданиеa difficult task

2 даҕааһын #

1. даҕ. 1. Судургута, боростуойа суох; эрэйдээхтик оҥоһуллар

Нууччалыы Сложный, трудный; осложнённый

  • Киэһэнэн сылайан барыы саҕана, ааҕар кытаатар. Сорох уустук формулалар туох да омуна суох тоһоҕо курдук сааллан киирэллэр.
    Н. Лугинов
  • Тымныы тыыннаах, тоҥ-болуо буордаах Саха сиригэр ботаническай саады тэрийии ичигэс эбэтэр сымнаһыар килиимэттээх дойдуга тэрийэрдээҕэр тыһыынча төгүл кытаанах уонна уустук суол.
    И. Данилов
  • Сорох дьон кинигэнэн эргиниини уустуга суох дьыаланан ааҕаллар. Дьону үөр. 2. Уран, мындыр буолары эрэйэр (үксүгэр ханнык эмэ сатабылы этэргэ). Θ Требующий изысканного, утончённого подхода (обычно о каком-л. умении, мастерстве). Муҥу дьолго эргитэр — Дьэ ол иистик сатабыл.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (8)
  • Оҕоҕо моральнай хаачыстыбаны иҥэрии — сүрдээх уустук. сыралаах дьыала. Дьиэ к. 3. Дэбигис өйдөммөт, бутуурдаах (үксүгэр олоҕу, киһи майгытын, ис санаатын этэргэ). Θ Запутанный, непонятный, непростой (обычно о жизни, о характере человека). Олох уустук оҥоһуутун, Утарсыыта солоҕойун Кырдьан иһэн киһи билэр, Хойутаан билэн кэмсинэр.
    С. Данилов
  • Мин киммин эн олустук Билиэххин баҕараҕын, Бэйэбэр бэйэм уустук Мин таабырын буолабын.
    И. Гоголев
  • Кини хараахтара уустук, бэйэтэ этэринии, «бутуур», олох элбэххэ үөрэппит киһитэ. ФЕВ УТУ. Билии-көрүү уустук, диалектическай майгылаах. ДИМ. 4. Эриэхэбэй оҥоһуулаах (хол., тиэхиньикэни эбэтэр ццнээйини этэргэ). Θ Сложно конструированный (напр., о технике); сложносоставной (о растении). От кыраабыла диэн эмиэ оччолоох уустук сэп буолаахтыа дуо?!
    Амма Аччыгыйа
  • Биир чиэски нэһилиэк күөх биэрэгэр Уон араас уустук массыыналар Улуу борохуокка тиэллэн кэлэннэр Кырааскалаах хайалыы кыстаннылар.
    С. Данилов
  • Биһиги төрүттэрбитигэр суукка иһинээҕи бириэмэни билэргэ чаһы диэн уустук мэхэньиисимнээх прибор суох этэ. АнВ СТУ. Моркуоп, укуруоп, петрушка дьукаах сибэккилэрэ — хастыы да боростуой суончуктан оноһуллубут уустук суончуктар. МАА ССЭҮү. 2. аат суолт. Ханнык эмэ дьыала, үлэ күчүмэҕэйэ, судургута, боростуойа суоҕа; уран, мындыр буолары эрэйэрэ. Θ Сложность, трудность какого-л. дела, работы; изысканность, утончённость подхода. Айар тыл уустугун оһуордуур харахпар Айылҕам сиэдэрэй симэҕин арыйда.
    И. Эртюков
  • Дьэ онно кинилэр албас көмөтүнэн хайдах да быччыҥнаах киһини начаас охторору илэ харахта-рынан көрөн, тустуу иистигин биир-биэс тыла суох итэҕэйбиттэрэ. НЕ ТАО. Дьыл бу кэмэ хаһан баҕарар сүөһүнү иитээччилэргэ үгүс уустуктары үөскэтээччи. «Кыым». 3. сыһ. суолт. Ыарахан, күчүмэҕэй, судургута суох. Θ Сложно, трудно, непросто. Доҕоор, дьиҥнээх доҕордоһуу Оттуллубут оһох курдук: Умуруоруоҥ ол оһоҕу — Иккиһин отторуҥ уустук.
    С. Данилов
  • Атын киһини толору өйдүүр уустук.
    Н. Лугинов
  • Ньээҥкэни булар уустук
    Н. Габышев

3 этии #

Нууччалыы Сложносоставное вещество

  • Уустук бэссэстибэ хим. — араас көрүҥнээх аатамнартан турар мөлүөкүлэлэрдээх бэссэстибэ Уустук бэссэстибэлэр -- бөлөхтөрүнэн эбэтэр кылаастарынан наарданаллар. КДМ X. Уустук этии тыл үөр. — икки эбэтэр хас да судургу этииттэн турар этии. Θ Сложное предложение. Оҕолор учуутал салалтатынан бастаан судургу этии тутаах чилиэннэрин булаллар, онтон уустук этии тутаах чилиэннэрин этэллэр. ПНЕ С
    Т. Ср
  • др.-тюрк. узлуҕ ‘опытный, ловкий’, узлух ‘мастерство, ловкость’

«У» буукуба