Перевод с якутского
муҥнаах
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы твёрдый; трудный; тягостный
English hard, difficult, burdensome
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Нууччалыы твёрдый; трудный; тягостный
English hard, difficult, burdensome
муҥнаах үлэ тяжёлая работаhard work
2 даҕааһын #
Нууччалыы бедный; нищий
English poor, bad-off, destitute
3 даҕааһын #
Сору-муҥу аҕалар, олус эрэйдээх
Нууччалыы Причиняющий мучения, приносящий страдания, мучительный
Муҥнаах үлэ. Муҥнаах оҕо төрөөн муҥнаан эрэҕин ээ, тугу этиэм баарай. Н. Неустроев Ыалдьыы буолбатах, кырдьыы миигин ордук кыайда быһыылаах. Уонна бу бэйэтэ да муҥнаах атах Амма Аччыгыйа
4 аат тыл #
суолт. Эрэйи-муҥу көрө сылдьааччы, эрэйгэ түбэспит киһи
Нууччалыы Заслуживающий жалости, сострадания человек, мученик, страдалец
Микиитэ балыйтардаҕына эбэтэр кырдьыгын итэҕэттэрбэтэҕинэ кыайан саҥарбат муҥнаах. Амма Аччыгыйа Уонна курус харахпынан Умнаһыттары көрөбүн, Ол муҥнаахтары аһына Саха буолбуппуттан үөрэбин. С. Данилов Муҥнаах булугас, эрэйдээх этигэс диэччилэр дии, баҕар биһиги даҕаны кэлиэхтээх киһибитин хайдах көрөрү-истэри сүбэлэһэн көрүөхпүт Тумарча
5 #
эб. Саҥарааччы аһынар иэйиитин көрдөрөр
Нууччалыы Выражает жалость, сочувствие говорящего
Оҕо муҥнаах хайдах гыннаҕына үчүгэйин бэйэтэ да билбэтэ буолуо. Софр. Данилов. Сүрэҕим муҥнаах сэрэйбитэ! П. Тобуруокап Хомойуу-аһыйыы дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок сожаления. Ким эрэ көтүттэ Мөһөөҕүм муҥнааҕы? П. Тобуруокап Этиллэр санаа саҥарааччыга сыһыаннаах буоллаҕына, үҥсэргээһин, кэмиринии дэгэттэнэр. Θ Если высказывание относится к говорящему, то имеет оттенок жалобы, сетования. Өлгөм үүнүүттэн өлүүлэммэтэх, Соболоҥ бөҕөттөн солуйбут Уһун муҥнаах Мин баарбын С. Зверев