ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бүтэй

даҕааһын, кэнники тыл, аат тыл, туохтуур, сыһыат

Нууччалыы забор; изгородь; преграда

English fence, hedge, barrier

Ис хоһооно · 13

1 аат тыл #

Нууччалыы забор; изгородь; преграда

English fence, hedge, barrier

2 аат тыл #

Нууччалыы замкнутое пространство

English enclosed space

I

3 туохтуур #

Үтүөрэн, оһон сабылын, чэрдий (баас туһунан)

Нууччалыы Затягиваться, зарубцеваться (о ране, язве и т. п.). [Гавриил Протодьяконов] атаҕын искэннэрэ тарта, бааһа бүтэйэн эрэр

  • А. Данилов
    А. Данилов

4 туохтуур #

Сылдьыллыбат буолан, отунан-маһынан саба үүнэн, биллибэт буол, оһон хаал (хол., ыллык суол туһунан)

Нууччалыы Зарасти растительностью (напр., о тропинке). [Дабыыт] Ол туран өйдүү биэрбитэ тиэргэн иһэ сытыган отунан адаарыччы үүммүт, суол-иис бүтэйэ оспут

  • Сотору бүтэйэн эрэр омоох суол туораан таҕыста. Оҕонньор атын ол суолунан салайда
    П. Филиппов

5 туохтуур #

Бүтэн хаал, бүт, баран, муҥурданан хаал

Нууччалыы Иссякать, исчезать, оканчиваться

  • Өрүс уорааннара бүтэйэллэрэ чугаһаабыт. Уораан хойдон-бөлүөҕэн эрэр уутун дьалхааннаах сүүрүк обургу бокуойа суох эҕирийэн ыла турар.
    Я. Семенов
  • Кэлиэх-барыах сирдэрэ Кэлии үүтүнүү бүтэйэн, Хатырыктаах аймаҕа Хааччахха хаайтардаҕа. Хоһоон т
II

6 даҕааһын #

Киирэр эбэтэр аһыллар аана, аһаҕаһа суох

Нууччалыы Замкнутый, не имеющий выхода

  • Ортотугар чоҥолох көлүйэлээх абырҕала халыйан үүммүт бүтэй хоннох сири хара сыбар иилии түһэн турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тутуллубут эбээн атамаанын уолугар бүтэй таҥаһы тигэн бүрүйбүтүнэн сыарҕаҕа олордон, кэлгийэн кээһэллэр
    Саха фольк
  • Бэтэрээнэн эттэххэ, Бээһээҥҥиттэн бүгүҥҥү, Бүгүҥҥүттэн сарсыҥҥы Бүтэй ордо туруохтаах.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (5)
  • Миэхэ бүтэй эрэнэр Сылаас, ыраас, сайаҕас, Минньигэстик мичийэр Оҕом дьоллоох хараҕа
    С. Данилов
  • Таайан, сэрэйэн. Θ Наугад, вслепую. Кинилэр атыны кэпсэттилэр, ол эрээри саҥаһа уол олус дьүдьэйбитин, аччыктаабытын көрөн, “туох эмэ алдьархай буолбут быһыылаах”, - диэн, бүтэй ытырыктата санаата
    Саха фольк
  • Туох да быыһа-арда суох тилэри, бүтүннүү, үлдьү. Θ Сплошной, без зазора, без промежутков. Хаар былытын сыһыары тардыммыт бүтэй тумарык халлаан даҕаны син хамныы-дьалкыйа турар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүүһүгэр туоһахталаах бүтэй хара атыыр оҕус хараҕар бу хааман мөскөлдьүйэн эрэргэ дылы буолла.
    Болот Боотур
  • Сэрэхтээх бу бүтэй хара түүн Түҥ ойуур быыһыгар Сэрииһит Уйбаныап Көстөкүүн Досуорга турбута
    А. Абаҕыыныскай

7 даҕааһын #

Туох да быыһа-арда көстүбэт, күнэ, ыйдаҥата суох

Нууччалыы Очень темный, что ничего не видно (напр., об осенней ночи)

  • Түҥкэлэс бүтэй түүн үөһэ этэ. Төрөөбүт дьиэккээним барахсан Түннүгүн мууһа ыраахтан сырдаан, Ахтыбыт сүрэхпин үөрпүтэ. Эллэй. Мунду миинин курдук болоорхой бүтэй былыттаах, чуумпу ичигэс күн налыйда
    Н. Габышев
  • “Биһиги оҕуруоппут эһиилгиттэн улаатан барыахтаах. Бу бүтэйи киэбин тухары!” - Кини киэҥ сиринэн эргийэ ыстаҥалаан бара турар бүтэйи батыһыннары ыйан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Өбүгэ саҕатааҕы бүтэйдэр бараннылар, сайылыгы ходуһаттан, ходуһаны бааһынаттан араарар саҥа бүтэйдэри аны туппаппыт. “Кыым”. Сэлиэһинэй бурдуктара Сиэрдийэ бүтэйи Үрдүнэн көһүннэ, Оруос бурдуктара Остуолба бүтэйи Оройунан унаарыйда. Саха нар. ыр. III

8 даҕааһын #

Тула өттүнэн хаххалаах, ордук чуумпу, бүөм

Нууччалыы Тихий, укромный (уголок)

  • Чурум-Чурумчуку Тоҕуттубут тордох сонноох, Чоочой-туллай олооччулаах, Чуҥкук, бүтэй, чуолҕан саҕа Чуораайытта алаастаах
    Эллэй
  • Тыала, салгына суох, наһаа чуумпу. Θ Душный, без малейшего движения воздуха. Бүтэй куйаас

9 даҕааһын #

Соччо дуораана, ньиргиэрэ суох (ыраахтан эбэтэр туох эмэ курдат иһиллэр, эбэтэр анаан аччатыллыбыт тыас туһунан); чуор чыҥкынас буолбатах (саҥа туһунан)

Нууччалыы Приглушенный, нечетко слышимый (о звуке, голосе, слышимом издалека или через что-л.)

  • Билии тыаны үрдүнэн аракыата уота өрө субуруйан тахсан дэлби ыстанна, икки бүтэй тыас утуу-субуу ньиргийтэлээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Өстөөх диэки көтүрүтэ тэбэр бүтэй тыастар иһилиннилэр.
    Т. Сметанин
  • Кини [Маратик] куолаһын Өрүүсэ хаһан да эндэппэт. Бүтэй соҕус уонна нүһэр
    А. Сыромятникова

10 аат тыл #

суолт. Сиэрдийэ, тоһоҕо эбэтэр остоолбо көмөлөрүнэн оҥоһуллубут тугу эмэ (ханнык эмэ сири) тулалыыр, эргийэр күрүө

Нууччалыы Городьба, изгородь вокруг чего-л

11 сыһыат #

Хайаан да, булгуччу

Нууччалыы Обязательно, в любом случае

12 этии #

Нууччалыы Изгородь на крестообразно вбитых над нижними жердями кольях

Этиилэр

Остуолба бүтэй көр үүт бүтэй

  • Көстөкүүн түөрт мастаах остуолба бүтэйи сүүрэн иһэн үрдүнэн ойон элээрэн кэбиспит.
    ББ
  • Оруос бурдуктара Остуолба бүтэйи Оройунан унаарыйда, Улаан кулун кутуругун курдук Куоластана куоҕайда. Саха нар. ыр. III.

Сүлдьүгэс (сүллүгэс) бүтэй көр үүт бүтэй

Урууп дьиэтэ эргэ ампаар дьиэ элээмэтэ. Үрдүгэр күөх от өрөһөлүү үүммүт. Дьиэтин тула сүллүгэс бүтэй. Күндэ. Сылбах бүтэй - ойуурга үүнэн турар мастары охтортоон оҥоһуллубут күрүө.

Изгородь-осек.

  • Хатырык үрэх халдьаайыта сылбах бүтэйдээх. Үүт бүтэй - сиэрдийэни остуолба үүттэригэр уган оҥоһуллубут күрүө. Изгородь из жердин, продетых в отверстия столбов. Добуун Лоҥкууда диэн ааттанааччы хордоҕоһунан, үс үүт бүтэй быһа сүүрэн дьэргэйэн тахсан Күүлэкээн хайатын аппатыгар анньылынна.
    М. Доҕордуурап
  • Охтон иһэммин, өрүһүннүм, Өйбүн даҕаны сүтэрбэтим; Ойбутум курдук ойо турдум, Үүт бүтэй үрдүнэн көттүм.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Бэйэтин кыанар киһи этэ. Үс үүт бүтэйи оонньуу-күлэ тайаммакка эрэ ыстанан дэгэс гынара.
    ББ

Хатыйыы бүтэй көр боотулу күрүө

Хаһаайын сүрэхтээх үлэһитин кини олбуора хатыйыы бүтэйдээҕэ кэрэһэлии турар. В. Протодьяконов. Бүтэй бүөрдээх - олус эмис, бүөрэ көстүбэт сыалаах (хол., куобах туһунан).

Очень жирный, с заплывшими жиром почками (напр., о зайце).

  • Икки куобахпыт бүтэй бүөрдээхтэр эбит.
  • Бүтэй туйахтаах (туйахтаахтар) зоол. - сылгы сүөһү. Однокопытные, т. е. лошади. Үрэххэ баппатах үрүн түүлээҕи, Үргүүк хаҥылы, бүтэй туйахтааҕы Үксэтэ олордуннар.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (8)
  • Толоон-алаас тухары Тоҕуоруйан үөскээбит Бүтэй туйахтаахпын Бүдүрүтэр буолаайаҕын.
    П. Ойуунускай
  • Бүтэй уулаах геогр. - өрүстэрэ, үрэхтэрэ, күөллэрэ, атын да уулара муораны, акыйааны кытта холбоспот материктар ис уобаластара. Бессточные области. Африка кураайы өттүлэригэр акыйааҥҥа түспэт бүтэй уулаах киэҥ сирдэр бааллар. КВА МГ. Бүтэй быара - бүтэй алын сиэрдийэтин уурар тирээбил мас, бүтэй атаҕа. Упор для нижних жердин изгороди. Бүтэй быарын чэгиэн мастан оҥороллор. Бүтэй куйаас - салгына, тыала суох былыттаах куйаас. Сильный зной без малейшего дуновения ветерка в облачный день. Бүтэй куйаас Сылайбакка, Сынньаммакка Хоруйа охсон тэлгэтэ Утуу-субуу Уулуу-дайбыы Сырбаттыбыт, Сырыстыбыт.
    А. Абаҕыыныскай
  • Бүтэй куйаас Бөлүөхсүйдэ. Сымалалаах Сытым түстэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Атырдьах ыйынааҕы бүтэй куйаас күн этэ.
    ББ
  • Тэҥн. буһурук куйаас. Бүтэй дорҕоон тыл үөр. - куолас кыттыыта суох сүнньүнэн тыас эрэ көмөтүнэн үөскүүр саҥа дорҕооно. Бүтэй дорҕоону саҥарарга салгын саҥа аппараатын ханнык эрэ миэстэтигэр мэһэйи көрсөн, иҥнэ-иҥнэ тахсар. Согласный звук. Уһун аһаҕас дорҕооннор чахчы уһуннук, кылгас аһаҕастар чахчы кылгастык этиллэллэр. Оттон бүтэй дорҕооннор сорохторо сымнаҕастык, сорохторо тыастаахтык этиллэллэр. “Кыым”. Кини [Софронов] аллитерацияҕа устуруокалар иннилэригэр, истэригэр аһаҕас, бүтэй дорҕооннор дьүөрэлэһиилэригэр олоҕурдар да, биири хаста да төхтүрүйэн хос-хос этииттэн аккаастаммыта. Софр. Данилов. Бүтэй эттээх эргэр. - урукку өйдөбүлүнэн, абааһыны, иччини көрүгэһэ суох, чэгиэн, дьилэй эттээх-хааннаах. По-старинным поверьям якутов, человек физически и духовно крепкий, сильный, с “закрытым телом”, т. е. неспособный видеть галлюцинации. Мин сааспар абааһы диэни харахтыы илик киһибин. Бүтэй эттээхпин.
    Н. Заболоцкай
  • Бүтэй Бүлүү - Бүлүү өрүһүн уонна кини тардыытын норуокка киэҥник биллэр аата. Широко распространенное в народе название реки Вилюй и его бассейна. [Тоҥус Манчаарыга:] Мин да биллэр киһибин, Үс бүүрүктээх Бүтэй Бүлүүгэ үөскээбит, Тоҥус бэрдэ буолабын, Дьулайыма, толкуйдан.
    А. Софронов
  • Бүтэй Бүлүү барахсан Бөһүүкэлиир хаардара Бүрүйбүтүн сахсына Бөдөҥ көтөр түүтүнүү, Бүтүннүүтүн кыйдаата.
    С. Васильев
  • Бу зона урукку өттүгэр “бүтэй Бүлүү” диэн ааттаах түҥкэтэх сиринэн биллэрэ.
    ВМС СДО
III

13 #

дьөһ. Хайааһын ханнык эмэ предмет нөҥүө оҥоһулларын бэлиэтээн, миэстэ сыһыанын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает пространственное отношение, употребляясь при обозначении предмета, через который совершается действие (сквозь, через)

  • Настя, чарапчылана-чарапчылана, туман бүтэй сөмөлүөтү көрө сатаата.
    Н. Якутскай
  • Кырынааһы этэрбэс бүтэй ибили тутан кэбистим.
    Т. Сметанин
  • Санныларын уҥуохтара таҥас бүтэй кырыыланан көстөргө дылылар.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Бостуук сайдыыр саҥата дьиэ бүтэй субу иһиллэр
    С. Федотов

«Б» буукуба