Перевод с якутского
бүтэҥи
даҕааһын
Нууччалыы приглушённый
English rather closed, rather muffled
1 даҕааһын #
даҕ
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр ханна эрэ, сир түгэҕэр, бүтэҥи тыас ньиргийэргэ дылы гыммыта. П. Филиппов Күүс үлэ дирбиэнэ туспатык Куоракка күөдүйбүт кэмигэр, Кураанах куугунтан ураты, Бүтэҥи нүһэр тыас иһиллэр. Р. Баҕатаайыскай Ханна эрэ сир анныгар тугу эрэ охсуолуур бүтэҥи тыас иһилиннэ. “ ХС
Өссө холобурдар (3)
Чуор, хатан буолбатах (куолас туһунан). Θ Глухой, не звонкий (о голосе). Тойон биир саллааттаах Даайыска супту хааман кэлбитэ уонна бүтэҥи куолаһынан түргэн соҕустук саҥарбыта. Н. Заболоцкай “Сүт! Үөдэттэр, саҥарбаҥ!” - диэн оҕонньор тоҥмут бүтэҥи куолаһынан ордоотуур. В. Яковлев “Кулун тутар икки күнүгэр ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн уурайарга илии баттаабыт”, - диир Тизенгаузен иһиллэр-иһиллибэт бүтэҥи куолаһынан Н. Якутскай
2 даҕааһын #
Дуораана, ньиргиэрэ суох (олус ыраахтан чуолкайа суох иһиллэр тыас туһунан)
Нууччалыы Глухой, гулкий (о звуках, доносящихся издалека)
3 даҕааһын #
Соччо сайдыбатах, сытыыта-хотуута суох, сайаҕаһа суох, түҥкэтэх
Нууччалыы Не очень развитый, небойкий, замкнутый, необщительный
Милиэтий, дьэ, кырдьык, оччо аламаҕайа суох, бүтэҥи соҕус киһи этэ. Амма Аччыгыйа Биһиги бүтэҥи дууһабыт Хараҥа халҕанын арыйбыт Ол этэ бигэммит биһикпит, Үгүскэ үөрэппит лицейбыт С. Данилов