ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытаанах

даҕааһын

Нууччалыы сильный; жёсткий

English strong, tough

Ис хоһооно · 11

1 даҕааһын #

Нууччалыы сильный; жёсткий

English strong, tough

  • кытаанах эт
    жёсткое мясоtough meat
  • кытаанах санаа
    сильная воляa strong will

2 даҕааһын #

Нууччалыы трудный; строгий

English difficult, strict

  • кытаанах сокуон
    суровый законa harsh law
  • кытаанах дьаһал
    строгая мераa strict measure

3 даҕааһын #

даҕ

  • Кытаанах суолунан соһуйбут харах курдук бөлтөрүттэҕэс хабахтар уһуннулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини бэйэлээх [дулҕа] сымнаҕас буолуо дуо. Кытаанах буолуо диэн ол иһин сэрэйбитим.
    М. Доҕордуурап
  • Кылгас батыйаларынан кытаанах маһы хайыта хаһан охторун сыыйа тардан ыллылар
    Д. Софронов

4 даҕааһын #

Дэбигис иэҕиллибэт, токуруйбат, тимирдьи киирбэт, сымнаҕаһа суох

Нууччалыы Твердый (о физическом теле)

5 даҕааһын #

Этэ-хаана, санаата чиҥ, булгуруйбат; күүстээх

Нууччалыы Крепкий телом, духом; сильный

  • Кытаанах санааны ылынна. - Чэ, булгу, хайата да буоллар, биир ынаҕы туттабын.
    А. Софронов
  • Кыһыллар эһигиннээҕэр кытаанах соҕус өстөөхтөрү көрсүбүттэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кытаанах да дьон ардыгар саараҥнаан, уйарҕаан ылардаах буолаллар эбит ээ
    В. Яковлев

6 даҕааһын #

Ирдэбиллээх, аһыныгаһа суох, тыйыс

Нууччалыы Строгий, жесткий, суровый

  • Сорох ардына эмиэ куттанан кэлэбин, тылыҥ-өһүҥ кытаанаҕа бэрт.
    П. Ойуунускай
  • Эр киһилии малтаччы, кытаанах кэпсэтии саҕаланна.
    Н. Габышев
  • Ньукуу биир кытаанах көрүүтэ киниэхэ - сокуон
    В. Гаврильева

7 даҕааһын #

Дьүккүөрү, сыраны эрэйэр; тыҥааһыннаах

Нууччалыы Трудный, тяжелый; напряженный

  • Тойонум оҕонньор кытаанах үлэни үлэлэтэн өлөрдөҕө үһү.
    Н. Неустроев
  • Тогойкин айанын саамай кытаанах өттүн ааста.
    Амма Аччыгыйа
  • Дарыбыан оҕонньор быһыы-майгы кытаанах буолбутун сэрэйэн, кэлэр сылга хотонун араарарга тылын биэрбитэ
    ХС

8 даҕааһын #

Аһыы, хатан, уохтаах

Нууччалыы Крепкий, горький на вкус, насыщенный

  • Табах баар. Кытаанах мохуорка.
    Т. Сметанин
  • Кытаанах арыгылары - портвейн, херес, мадера, марсала курдуктары - бастакы бүлүүдэни, холобур араас мини, кытта дьүөрэлиэххэ сөп
    ФВН ЭХК

9 даҕааһын #

Дьоҥҥо тугу эмэ биэрэрин, үллэстэрин сөбүлээбэт, бэйэтин киэнин олус харыстыыр, кэрээки

Нууччалыы Скупой, прижимистый

  • Өндүрүүс, Үтүө киһи да буоллар Биэрэр өттүгэр Бэрт кытаанах.
    А. Софронов
  • Ср. др. -тюрк. хатыҕ 'твердый, жесткий, крепкий; суровый, сильный'

10 этии #

Кытаанах сыҥаахтаах - дэбигис онно-манна сөбүлэһэн испэт, истигэнэ суох Бачча эдэриттэн кытаанах сыҥаахтаах. П. Аввакумов

Нууччалыы Не поддающийся на уговоры, непослушный, упрямый. [Суоппар уол] сүгүн-саҕын "ээх, ыых" буолан быстыбат киһи

11 этии #

Кытаанах быыгабар - туох эмэ буруй, үлэҕэ куһаҕан сыһыан иһин салалта өттүттэн бэриллэр сэмэлиир дьаһал көрүҥэ Миниистир бирикээһинэн ПМК начаалынньыга А. А. Дмитриенкоҕа кытаанах быыгабар биллэрилиннэ. "Кыым". Кытаанах сэлиэһинэй - сэлиэһинэй ордук чиҥ туорахтаах, ордук сыаналанар суорда. Крепкие сорта пшеницы. Туораҕын хаачыстыбатынан кытаанах сэлиэһинэй сымнаҕас сэлиэһинэйдээҕэр ордук. ХКА

Нууччалыы Строгий выговор

«К» буукуба