ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илин

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы перед, передняя часть чего-л.; передняя сторона

English east

Ис хоһооно · 9
I

1 аат тыл #

Ким-туох эмэ сирэй диэки өттө, туох эмэ инники чааһа, өттө; ким-туох эмэ сирэйин хоту хайысхата, туһаайыыта

Нууччалыы Перед, передняя часть чего-л.; передняя сторона

  • Кинигэ иннэ тырыттыбыт.
  • Тыыраахы көтөрүм иннэ суптуйан, кэннэ сарайан -- ууга суптурута түһэн ылар.
    Н. Неустроев
  • Атаҕын халаачыктыы ууран куорап иннигэр олорон иһэн казахтыы ыллыы иһэр эбит.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)

2 аат тыл #

Ким-туох эмэ сирэйин туһаайыытынан баар туох эмэ

Нууччалыы Находящийся впереди на некотором расстоянии от кого-чего-л

  • Инним үчүгэйдик көстөр. Тыа иннэ барыта бадараан
  • Дьэ онтон ыла сылгы сүөһү үөһэ суох буолбут, ынах сүөһү илин тииһэ суох буолбут.
    Саха фольк
  • Урууп дулҕаҕа үктэнэн турар, оҕуһа икки илин атаҕынан тобугар диэри ууга туран уулуур.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Эһэ ол түһэ сылдьан биирдэ атыыр үөрүктүйбүт кутуругун кылыгар илин аһыытынан иилсэн хаалта. Суорун Омоллоон
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Туох эмэ бэйэтэ дьаалатынан баран, устан иһэр хайысхата

Нууччалыы Направление поступательного движения кого-чего-л

  • Олох иннин диэки устара.
    Д. Таас
  • Табаарыстар, биһиэхэ сорукпут биир. Иннибит диэки сырдык суолунан сайдыы.
    М. Доҕордуурап
  • Туох барыта иннин диэки барар чаҕыл тэтиминэн
    П. Тобуруокап

4 аат тыл #

Кэлэр, буолуохтаах кэм, кэнэҕэски

Нууччалыы Будущее (время), будущность

  • Эдэр дьон буоллаххыт дии, онон иннигитигэр дьол-соргу күүтэр дьоно буоллаххыт.
    Эрилик Эристиин
  • Иннибитигэр маннааҕар күүстээх үлэ – быһыт оҥоһуута турар.
    М. Доҕордуурап
  • Эдэр саас иннэ уһун, Оҕо саас ундьура кэтит
    С. Зверев

5 даҕааһын #

суолт. Туох эмэ сирэй диэки өттүгэр баар

Нууччалыы Находящийся впереди, передний

6 этии #

Нууччалыы Заботиться, думать только о себе; преследовать только собственные интересы

Этиилэр

Бэйэ иннин көрүнэр

бэйэтэ туһанарын, бэйэтэ үчүгэй буоларын эрэ саныыр Түүл алыбыгар бэриммэтэҕин, түһээн да соҕотох бэйэтин иннин көрүммэтэҕин астына санаата. Амма Аччыгыйа. Бэйэтин иннин эрэ көрүнэр киһи бу дойдуга аанньа буолбат. Л. Попов. Билигин, мин санаабар, сорох дьон бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнэр курдуктар. Г. Колесов. Илин атаххыт ибирэ суох буоллун, кэлин атаххыт кэбирэ суох буоллун! алгыс. – айан дьонун алҕаан этии: айаҥҥытыгар мэһэй, моһол суох буоллун!

Благословение путникам: чтобы на вашем пути не было помех. Счастливого пути! Илин атаххыт ибирэ суох буоллун, кэлин атаххыт кэбирэ суох буоллун! Саха фольк.

  • Илин атаҕыҥ ибирэ суох буоллун, кэлин атаҕын кэбирэ суох буоллун! Охтоохтон охтума, саалаахтаан самныма! Ньургун Боотур.

Илин былдьас

1) спорт. күрэхтэһиигэ кими эмэ куотарга, ким эмэ иннигэр түһэргэ дьулус.

Стремиться быть первым, опередить, обогнать кого-л. в соревновании.

  • Кинилэр спорт уон көрүҥэр илин былдьастылар. "Кыым". Биһиги харса суох барабыт, илин былдьаһабыт. Н. Тарабукин (тылб.); 2) кимниин эмэ аат-суол былдьас, бэрт былдьас, кимтэн эмэ ордо сатаа. Соперничать с кем-л. в славе, известности, стараться превзойти, затмить кого-л. Илин былдьасыһан, Иирсэн этиһэҕит да, Иһээччи да, илээт да Иккиэн даҕаны ини-бии идэлэр ини...
    А. Софронов
  • Баай баайы кытта төһө да илин былдьаспытын иннигэр, кылаассабай интэриэстэрэ биир. Бэс Дьарааһын.

Иннигин быһа этинимэ

үксүгэр киһиргээн, чабыланан чахчы буолара биллибэт тугу эмэ саҥарар киһини "аны маннык саҥарыма, этимэ" диэн буойан, сэрэтэн этии (былыргы саха өйдөбүлүнэн тыл иччилээх: онон мээнэ, буолара биллибэти саҥардаххына төттөрүтүн оҥорон кэбиһиэн сөп).

Не сглазь, не загадывай на будущее (по якутскому поверью: человеческая речь имеет собственного духа, который может отвернуться, или сделать обратное ожидаемому, если вслух рассуждать о неизвестным загодя).

  • Сол эрээри билиҥҥиттэн, Суолбун ортолоон иһэммин, Иннибин быһа этимиим, Суҥхарымыым ирээппиттэн.
    М. Тимофеев

Иннигит (-бит) диэки!

сирэйгит (-бит) хоту барыҥ (барыаҕыҥ) диэн хамаанда, бирикээс.

Вперед! (форма приказа).

  • "Иннигит диэки!" – диир эн эрчим хамаандаҥ Абара сатараан дьиэһийиэ, Эн өрө күөрэппит өрөгөй знамяҥ Үрдүктэн үрдүккэ тэлээриэ. Эллэй. Иннигитин илиннээн эргэр. – эһиги тускутугар кыһанан; эһиги инникигитин быһааран. Делать что-л. в интересах кого-л. в ущерб своим собственным. Мин саллар сааһым тухары бу эрэ эмээхсин иннин илиннээн хаалаары гынным. Ньургун Боотур. Эһиги иннигитин илиннээн, эһигини аһатаары сордонор буолбаппын дуо?
    Л. Габышев
  • Оо, Дойдуом! Өһөх хаанынан тыыланан Өстөөх түһэр кэмигэр Мин Эн тыыҥҥын тыыннанан, Эн илиҥҥин илиннээн Өлөрсө-өлөрсө Өлбөккө үүнүөм!
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Иннигэр түһэрбэт көр икки илиилээҕи (урааҥхайы, иннинэн сирэйдээҕи) иннигэр түһэрбэт. "Дарыбыан тылынан да, охсуһуутунан да урааҥхайы иннигэр түһэрбэтэх илэ дэриэтинньик," – диир Хаҥхата.
    ХС

Иннигэр уктуо

ким эмэ өлбүтүн кэннэ кини өлүө.

Умирать вслед за кем-л., пропустить кого-л. вперед себя (в смерти).

  • [Күлүк:] Арай сарсын эриҥ өлөн хааллын, оччоҕо эн талбыккынан сылдьыаҥ суоҕа дуо? [Кэтириис:] Миигин иннигэр уктаа ини.
    А. Софронов

Иннин биэрбэт

туох да модьуйууга, кыһарыйыыга бэриммэт, кыайтарбат, хотторбот.

Не поддается на уговоры, не сдается, не уступает никому ни в чем. "Кимиэхэ да иннигин Биэримэ; Кырдьыбыккын!" – дииллэрин истимэ. С. Данилов.

  • Өһөгөйдөөх өстөөхтөргө иннин биэрбэтэх комсомолец, учуутал Г. Н. Васильев өлүүгэ уун-утары туран охтубута.
    ХС
  • "Кэрэмэс, – ытын кэтэҕиттэн имэрийдэ, " –табыллыбатыбыт ээ. Дьэ аны аппытын хайдах эргитэбит? Аны иннин биэрэрин аата суох.
    Р. Кулаковскай

Иннин былдьаппыт

күүһэ-сэниэтэ эстэн, кыаҕын ылларбыт.

Потеряв былую силу, терять способность сопротивляться чему-л.; морально покоряться, подчиняться.

  • [Ат] тыҥата кыараан, тыынара кылгаан, иннин былдьатан илистэн иһэр эбит.
    П. Ойуунускай

Иннин быс

ким эмэ тугу эмэ гыныахтааҕын урут түһэн соруйан мэһэйдээ, атахтаа.

Преднамеренно препятствовать кому-л. в осуществлении какого-л. деяния.

Иннин быһа хаампат

наһаа ытыктыыр, куттанар, толлор.

Уважать, почитать, бояться кого-л.; сильно робеть перед кем-л. (букв. не сметь переходить перед кем-л. дорогу).

  • Былыр мин да хаһан эрэ кийиит буола сылдьыбытым, мин тойонноох, хотуннаах этим, онно тылларын утары саҥарыахтааҕар иннилэрин да быһа хаампат этим.
    А. Софронов
  • Кинилэр иннилэрин ким да быһа хаампат. Бэс Дьарааһын. Хайа эрэ алаас түгэҕэр олорор, төҥүргэстэрин уонна үйэ-саас тухары икки атахтаах иннин быһа хаампатах Туоллар баай сэргэлэрин кытта кэпсэтиһэр курдук буолуо дуо?
    ХС

Иннин көрүнэр (хайынар)

туох буолуохтааҕын билэр, кэнэҕэскитин өйдүүр (киһи).

Предусмотрительный, дальновидный.

  • Дьиибэ, санаабатах баҕайы, киһи иннин көрүнэрэ буоллар, өрүү өлүө суох этэ, таҥара айдаҕа.
    А. Сыромятникова
  • Туох алдьархайай! Икки атах өйдөннө ини, үөрэхтэннэ ини хайдах иннин сатаан көрүммэт?
    И. Гоголев

Иннин тымтыктанан көрбөт

кэлэр өттүгэр туох буолуон эрдэттэн билбэт, таайбат.

Не прозревает, не может угадать, предвидеть свое будущее.

  • Иннин, тымтык уматынан, Эрдэтинэн көрбүт суох.
    Күннүк Уурастыырап
  • Киһи иннин тымтыктанан көрбөтүн курдук, оҕо да иннин уоттанан көрбүт суох. Ити кыыс, баҕар киһи буолуо...
    Д. Токоосоп
Өссө холобурдар (1)
  • Тыый, ол мэник кыыс оҕо баҕайы хойут маннык буолуо диэн хантан тымтыктанан көрөөхтүөҕэй даҕаны.
    ХС

Иннин ыл

кыай, хот, баһый; киһи тылын истэр оҥор, өрөлөспөт, мөккүспэт гын.

Уломать кого-л.; заставить кого-л. признать себя побежденным.

  • Көстөкүүнү айах атан саҥа таһаарбат чааһынан баҕас икки атахтаах иннин ылыа дии санаабаппын.
    Күннүк Уурастыырап
  • Балбаараны кытта хайа да бэйэлээх дьахтар этиһэн иннин ылбатах киһилэрэ.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Нина, кырдьык дуо диэбиттии, соһуйан, уолу одууласта, онтон хайдах да утарылаһан иннин ылыа суоҕун өйдөөтө.
    ХС

Иннинэн буолан

улгумнук ылынан, сөбүлэнэн; өһөспөккө, көнө сүнньүнэн.

Послушно, с готовностью (делать что-л.).

  • Кини ийэлээх эрэ аҕатыгар иннинэн буолан таҥыннартарар...
    ХС
  • "Чэ, мэ, бу суругу кыладыапсыкка илдьэн көрдөр. Көрдүөн булан биэриэ.

Бу кэннэ манна кэлэ сылдьыма,

сымнаҕас соҕустук саҥарда.

  • – Хайа ол киһиҥ иннинэн буолан көрдүө үһү дуо?"
    А. Софронов
  • Дьоммун-сэргэбин кытта иннибинэн буолан, үлэлэстэрбин диэхтиибин.
    А. Федоров

Иннинэн сирэйдээх көр икки атах (атахтаах)

  • Иннинэн сирэйдээх Орто дойду урсунуттан Ордорбокко олохсуйда.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх Иирэр илбиһэ, хара кырыыһа, солото-сокуона суох буолбат.
    П. Ойуунускай

Иннэ-кэннэ биллибэт

чуолкайа туга-ханныга, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт.

Неопределенный, неясный; неизвестный.

  • Эчи иннилэрэ-кэннилэрэ биллибэт дьон, ханарытан этэллэр оҥоробун.
    Болот Боотур

Иннэ-кэннэ суох киһи

туох да аймаҕа, оҕото-уруута суох киһи, аймахтарыттан соҕотоҕун эрэ хаалбыт киһи.

Безродный, бобыль, одинокий.

  • Хайдах эн туох даҕаны иннэ-кэннэ суох киһи курдук алыс кырыыгын, хайа былыргы төрүт хааммыт биир сурахтааҕа. МНН. Иннэ чугаһаан, кэннэ ыраатан иһэр (иннэ кылгаан, кэннэ уһаан иһэр) – кырдьыбыт, өлөрө чугаһаабыт. Состариться, приблизиться к концу жизни (о стариках). Биһиги көлүөнэ иннибит чугаһаан иһэр. Софр. Данилов. Устан иһэр сыллар баттааһыннартан Дуугун бэйэтэ кырдьан, иннэ чугаһаан, кэннэ ыраатан, омуһаҕа сиҥнэн иһэр.
    М. Доҕордуурап
  • Уһуну-киэҥи санаабакка олорбуккун. Онтуҥ дьэ билбитиҥ, кэнниҥ уһаан, инниҥ кылгаан бүтэрэ бу ыган кэлбит.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • Кэннибит уһаан, иннибит кылгаан, Кырдьан бардыбыт диэмиэххэ.
    Баал Хабырыыс
  • Кэннибинэн кэхтиэм суоҕа, иннибинэн чугуйуом (чугуруйуом) суоҕа! көр кэлин. Этэн баран кэннибинэн кэхтиэм суоҕа, иннибинэн чугуруйуом суоҕа! Ньургун Боотур. Окко түспүт оҥоһуум биллин, Сиргэ түспүт сэрэбиэйим биллин, Кэннибинэн эрэ кэхтиэм суоҕа, Иннибинэн эрэ чугуйуом суоҕа. П. Ойуунускай

7 этии #

Илин-аһаҕас дорҕоон тыл. үөр. – саҥарарга тыл өрө көтөҕүллэн уонна иннин диэки баран үөскэтэр аһаҕас дорҕооно (саха тылыгар: и, э, ү, ө)

Нууччалыы Передний гласный звук, переднеязычный гласный (в якутском языке: и, э, ү, ө)

II

8 аат тыл #

Күн тахсар өттө, туһаайыыта

Нууччалыы Направление, сторона, откуда восходит солнце; восток

  • Кырдьаҕас бааһынай оҕонньор Чампарыын Саарга киирэн эппит: "Эн оҕоҕор сөптөөх дьахтар баар буолуохтаах мантан тус илин".
    Саха фольк
  • Сол күн бэрэссэдээтэллээх суруксут охсуспуттар үһү диэн хоту, соҕуруу, арҕаа, илин -- тыл-өс тарҕана түспүт.
    Күндэ
  • Бөһүөлэктэн тахсан тус илин диэки көс кэриҥэ сири бардаххына, сүөһү пиэрмэтигэр тиийэҕин
    Н. Заболоцкай

9 даҕааһын #

суолт. Күн тахсар өттүнээҕи

Нууччалыы Восточный

  • Илин улуустар Иитимньилэрин тэрийбит Таатта хатын диэн баара.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Марба олорбохтоон баран, тахсан илин өтөх диэки элэҥнии турда.
    Күндэ
  • Илин тумулга кини солооһуна сылтан сылга кэҥээн нэлэйэн иһэрэ
    Амма Аччыгыйа

«И» буукуба