ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыллаа

туохтуур

Нууччалыы издавать голосом разные музыкальные звуки, петь

English second-person singular imperative of ыллаа-

1 туохтуур #

Киһи сөбүлүүр, эҥээркэй, кэрэ дорҕоонун таһаар, туой

Нууччалыы Издавать голосом разные музыкальные звуки, петь

  • Харытыана эрэйдээх оҕо эрдэҕинэ ыллыыр ырыаларын кистээн ыллаата, таҥалайын тыаһатта, хабарҕатын куллурҕатта.
    П. Ойуунускай
  • Ол истэҕинэ, кини уҥа өттүнэн -- кыыс оҕо хатан куолаһа ыллаан кылыһытара иһилиннэ.
    М. Доҕордуурап
  • Өскө күндү ыалдьыт хонор буоллаҕына, оҕонньор түүнү быһа олоҥхолоон, ыллаан тахсар
    И. Данилов

2 туохтуур #

поэз. Кими, тугу эмэ уус-уран тылынан хоһуйан уруйдаа, айхаллаа (хол., хоһооҥҥо)

Нууччалыы Воспевать, восхвалять, славить кого-что-л. (напр., в стихах)

  • Тымныыга, итиигэ, тыаллаахха, Сиэстэрэ, эйигин көрөбүн. Кэрэтиэн эйигин ыллыахха, Эн дьикти күүстэргин сөҕөбүн. Эллэй. Дойдулаах! диэн дьолун туһунан Намыын ырыабын мин ыллыам.
    С. Данилов
  • Ылаарда мин дууһам, дьоллонно. Ыллыыбын мичээрдээх ырыабын, Амарыых-амарах дьоннордоох Атыылаах кыраайбын санааммын
    ХС

3 этии #

Этиилэр

Ытаа да ыллаа көр ытаа

Ытаа да ыллаа

оҥорон тэй.

  • Ытаа да ыллаа ону хайыаҥ баарай?!
    Н. Лугинов
  • Ытаа да ыллаа, саатын төрүт уларсыбат. НАГ ЯРФС I
    I. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС, тюрк. ырла ʽпетьʼ

«Ы» буукуба