Перевод с якутского
ытаа
туохтуур
Нууччалыы плакать
English (with abl.) to cry
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы плакать
English (with abl.) to cry (shed tears)
хомойон ытаа плакать от обидыto cry with resentment
2 туохтуур #
Улаханнык хомойон (ардыгар үөрэн), куттанан, уолуйан, ыалдьан хараҕыҥ уутун тох (үксүгэр сыҥсыйа-сыҥсыйа биитэр улаханнык саҥа таһааран)
Нууччалыы Проливать слёзы (напр., от боли), плакать, рыдать
Туох да олус үөрбүттэр, Күтэр оҕонньор үөрүүтүн омунугар ытаабыт үһү. Н. Неустроев Кини кутталыттан ытаан, хараҕын уута тугу да сатаан көрдөрбөт этэ.
Суорун ОмоллоонМаша икки санна ибигирии-ибигирии, ытыы сытта М. Доҕордуурап
3 этии #
Нууччалыы Испытывать сожаление о ком-чём л., печалиться
Этиилэр
Муннукка ытаабыт көр муннук
Саа, булт, кус-куобах диэн баран муннукка ытаабыт киһи этэ. Күннүк Уурастыырап Сэргэй собо диэн баран муннукка ытыыр. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Саха оҕолоро үөрэх диэн баран муннукка ытаабыт дьон буоллахпыт. ВВ ТТ
Муҥун ытыыр
наһаа кэмсинэр, суланар Көннөҕө диэбиппит, төннүбүт эбит, эдьиийэ биһиги муҥмутун ытыыбыт.
Куорат тойотторо кэлин кэмсинэн, муҥнарын ытыыллара. П. Филиппов
Сүрэҕэ хаанынан ытыыр көр сүрэх I
Чоочо баай хабалатыгар түбэһэн, Мин сүрэҕим хаанынан ытаабатаҕа. С. Данилов
Сык-сык ытаа көр сык-сык
Кыыс оронугар сык-сык ытыы сытара.
Уйа-хайа суох ытаата көр уй-хай
Кууһан ыллым да, иккиэн саҥа таһаарбакка эрэ, уйа-хайа суох ытаан бардыбыт. Күрүлгэн. Оҕолор сороҕор сэриигэ барбыт аҕаларын ахтан, уйа-хайа суох ытаан бараллара. Күрүлгэн.
Үөрэ ытаан ааһар көр үөр III
Былыр үөрэ ытаан ааспыт үһү дииллэрин истэр этим. хаанынан ытыыр көр хаан I. Хараҥаҕа хаайтаран, хара хаанынан ытаабыт харахпыт аһыллан, үөрэхпит үрдээтин!
П. ОйуунускайДойду иччитэ Аан Алахчын Хотун -- төһө эрэ хаанынан ытаан эрэр.
Суорун Омоллоон
Ытаа да ыллаа
хайдах да гын, хайаа даҕаны, син биир туһа тахсыбат диэн этии.
соотв. хоть пой, хоть волком вой (букв. хоть плачь, хоть пой).
Ытаа да ыллаа, аны аһынар кыах суох.
Суорун ОмоллоонЫтаа да ыллаа, ону хайыаҥ баарай?!
Н. Лугинов
Бу иччитэх сиргэ ытаа да ыллаа
ким кэтээн туран абырыы кэлиэ баарай?! У. Нуолур. Ытыаххар диэри киэргэн (маанымсый) кэпс. – сиэри таһынан киэргэн, аһара маанымсый.
соотв. разодеться в пух и прах.
Кыыһы кэтэспит киһи диэх курдук, бу куйааска ытыаххар диэри киэргэммиккин дии. Л. Попов Атас-доҕор дьонноруттан уларсан, ытыар диэри маанымсыйан, кэргэн кэпсэтэ бардаҕа үһү. "ХС"
4 этии #
Этиилэр
Ытаан күккүрээ көр күккүрээ
Кыра оҕо ытаан күккүрээтэ.
Ытаан маккыраа көр маккыраа
Оҕонньор, оҕо курдук, ытаан маккыраата. Кэпсээннэр.
Ытаан оҥтор көр оҥтор
Хайа, бу тоҕо ытаан оҥторо олордун? Ытаан сыккыраа көр сыккыраа. Оҕо муннукка туран оргууй аҕай ытаан сыккырыыр. Ср. др. -тюрк. сыҕта, алт. сыкта ‘плакать’