ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күккүрээ

туохтуур

Нууччалыы падать, валиться с высоты, издавая громкий глухой шум (о чем-л. тяжелом или следующих друг за другом нескольких предметах). [Ньукуһуок] саҥардыы ортолоон иһэн, кыайан салайбакка, сыарҕатын тааска хампы оҕустаран, эттиин бэйэлиин табаларын соһон таҥнары күккүрээбиттэрэ, аллара хайа тэллэҕэр -- биирдэ баар буолбуттара

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Улахан бүтэҥи тыаһы-ууһу таһааран, туох да тутулуга суох аллара диэки бар, суулун (туох эмэ ыарахан ыйааһыннааҕы эбэтэр элбэҕи этэргэ)

Нууччалыы Падать, валиться с высоты, издавая громкий глухой шум (о чем-л. тяжелом или следующих друг за другом нескольких предметах). [Ньукуһуок] саҥардыы ортолоон иһэн, кыайан салайбакка, сыарҕатын тааска хампы оҕустаран, эттиин бэйэлиин табаларын соһон таҥнары күккүрээбиттэрэ, аллара хайа тэллэҕэр -- биирдэ баар буолбуттара

  • Хайа хаара сууллан күккүрээбит
    И. Федосеев

2 этии #

Нууччалыы Вынужденно переселяться, перебираться куда-л. со всем своим имуществом, скарбом

  • Көһөн күккүрээ - туохтан эмэ кыһарыйтаран, күһэллэн туох баар малгын-салгын барытын илдьэ көс Бука, аны күһүн бу диэки көһөн күккүрээн тахсар дьон буолуохпут ээ.
    М. Доҕордуурап
  • Витя пиэрмэтэ бүтүннүү эрдэ, күөх тахса илигинэ, бөһүөлэккэ көһөн күккүрээн кэлбитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Сарсын киэһэтигэр саҥа ыал көһөн күккүрээн кэлбиттэр.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Ытаан күккүрээ - улаханнык, саҥа таһааран, уйа-хайа суох ытаа. Θ Плакать в голос, навзрыд, реветь. Ама да мин буолтум иһин, ыалга киирэн, ытаан күккүрүү олордомуй? Р. Кулаковскай

«К» буукуба