ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күксүй

туохтуур

Нууччалыы издавать глухие прерывистые звуки, бухать

1 туохтуур #

Быһыттаҕас бүтэҥи тыаһы таһаар

Нууччалыы Издавать глухие прерывистые звуки, бухать (напр., при кашле)

  • Сорох дьон буруоттан чачайан сөтөллөн күксүйэллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Бүлүмүөт үлэлээн күксүйэн барар, дьон бөлөх-бөлөх охтоллор.
    Эрилик Эристиин
  • [Мешков ыалдьан] нэһиилэ хаамар, сөтөллөн күксүйэр
    Н. Габышев

2 туохтуур #

Биир күдьүс күүгүнэччи күүскэ үр (уус күөрдүн туһунан)

Нууччалыы Дуть, раздувать сильно, ритмично, громко (о кузнечном мехе)

  • Күөрт... Күөрт... Күтүр мөлтөх, Күлэр мөлтөх Күөрт күксүй!
    П. Ойуунускай
  • Күксүйэр төлөн иһигэр күөрдүн тыаһа күүгүнээбит Күкүр уус обургу.
    Суорун Омоллоон
  • Көҕөрөр төлөн тыыннаах, Күксүйэр өлүү күөртээх Күөттээни ууһа буолбут, Барык-сарык күлүктээх, Барылы хара дьүһүннээх -- Кытай Бахсылааны оҕонньор
    П. Ойуунускай

«К» буукуба