Перевод с якутского
оҕун
туохтуур
Нууччалыы падать сверху вниз, опускаться, валиться на землю
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Тирэххин сүтэрэн, соһуччу хамсаныынан, эмискэ үөһэттэн аллара (тиэрэ, умса, ойоҕоскунан, туора эҥин) сууллан түс; сиргэ, аллара суулун (сүүрэр атахтааҕы барытын этэргэ)
Нууччалыы Падать сверху вниз, опускаться, валиться на землю (о человеке и животных)
Дуня туох эрэ диэн ааттаһардыы дуу, ыарыыланардыы дуу аргыый саҥарбытынан аан модьоҕотугар нукаай курдук туора охтон түстэ. А. Фёдоров Кирилэ утуйан барбыт эбит дуу, хата аттан охто сыста. Н. Заболоцкай Кутуйах охтон таралыс гынаат, ойон турда, төбөтүн чолос гыннарда, хатаннык чыыбырҕаата Т. Сметанин
2 туохтуур #
Тирэххиттэн, оннугуттан арахсан иҥнэйэн, сууллан аллара, сиргэ түс (туох эрэ предмети этэргэ)
Нууччалыы Падать, опрокидываться (о каком-л. предмете)
Оҕо хойуу мутуктаах суон тиит охто сытарыгар кэлэн иҥнэн хаалбыта.
Суорун ОмоллоонЛоглоруттаҕас хатырыктаах баараҕай тиит нуоҕалдьыйа хамсаата, силиһэ-мутуга адаарыйа өрө бачыгыраан оҕунна. М. Доҕордуурап Сыарҕа охторо кэлбитэ Н. Босиков
3 туохтуур #
Наһаа сылайан эбэтэр киэптэтэн сылаарҕаа, мөлтөө-ахсаа
Нууччалыы Ослабеть, обессилеть, падать от усталости
Мааҕын сарсыардааҥҥыттан дэриэбинэни быһа сүүрэбин диэммин ыран охто сыстым. А. Софронов Мин уолум ити куһаҕан дьахтары баһыгар ытыаран иэдэйдэ, кэргэнин букатын көрбөт-харайбат, уолум ыран охторугар тиийдэ. Далан Ийэлээх аҕа охтуохтарыгар диэри ас таһан муҥнаналлар И. Федосеев
Өссө холобурдар (4)
Ыран, сутаан өрүттүбэт турукка киир (сүөһүнү, кыылы этэргэ). Θ Падать от голода, истощения (о скоте, животных). Кини саас хаар хараара илигинэ сутаан охтоллоро буолбут сүөһүлэри көҥүл-босхо хомуйар. Н. Якутскай Тиийэн тойоҥҥор табаларбыт бары суолга оҕуннулар диэн эт Болот Боотур Атаххар уйуттубат буол, сытынан кэбис (сылайан, сэниэҥ эстэн). Θ Валиться с ног (от усталости, изнеможения). Аҕалара үлэтиттэн кэлээт, мааҕын охтубута. Дьиэтин түүн булла, аһаабакка оронугар оҕунна Болот Боотур
4 туохтуур #
Эмискэ өрүттүбэт гына ыарый
Нууччалыы Тяжело заболеть
Ол саас тойоммут, сэбиргэх дьаҥыгар охтон, аҕыйах хонукка ыарытан өлөр. Амма Аччыгыйа Бука, турбат охтуутун оҕуннаҕа. Болот Боотур Ол дьыл кыһын оройо ааһыыта аҕата охтубута, букатын суорҕан-тэллэх киһитэ буолан хаалбыта В. Яковлев
Өссө холобурдар (2)
Өл, тыыныҥ быһын (сүнньүнэн сэрии кэмигэр). Θ Погибать (в основном на войне), жертвовать жизнью. Нуучча норуотун чулуу уолаттара, төһөлөөх мөлүйүөнүнэн охтоннор, сырдык тыыннарын толук уурбуттара буолуой.
Суорун ОмоллоонЭһиги үөрэргит, дьоллоох буоларгыт иһин кинилэр охтубуттара, бу олоҕу кинилэр эһиэхэ кэриэс хаалларбыттара Т. Сметанин
5 туохтуур #
Ордук ыллар (туох эмэ санааҕа, дьарыкка), үлүһүй
Нууччалыы Целиком отдаться какой-л. идее, занятию, чувству
Доҕоор, эн миигин итэҕэй, эрэн, сымыйаҕа охтума, мин туох да буруйум, айыым суох. А. Софронов Аҕам онтон ыла булдунан дьарыктанар баҕатын ууратан, наар үлэҕэ охтубута. Р. Кулаковскай Өссө олус бытархайга охтон, сөбүлээбэт дьонун эккирэтиһэр, былыргыны ньоҕойдоһор дииллэр Р. Баҕатаайыскай
6 этии #
Нууччалыы Не устоять против кого-л. по силе
Этиилэр
Охтоохтон охтума, саалаахтан самныма көр ох
Эмээхсиннэрэ: "Охтоохтон охтумаҥ, саалаахтан самнымаҥ" диэн алгыы хаалар. Саха фольк Салгыныттан оҕун кэпс. - утарылаһааччыгар күүскүнэн лаппа баһыйтар, кыайтар Биһиги киһибит быдан мөлтөх эбит, салгыныттан охто сылдьар. Е. Неймохов
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. аҕ, ау ‘наклоняться в сторону, свалиться, упасть, опрокинуться’