Перевод с якутского
оҕунуох
аат тыл
Нууччалыы смазка
English lubricant
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы смазка
English lubricant
массыына оҕунуоҕа смазка для машиныlubricant for a machine
2 аат тыл #
Сыстаҥнас, сыалаах хойуу соҕус (сотон иҥэрэргэ аналлаах) маасса (хол., сыа-арыы, маас о. д. а.)
Нууччалыы Липкая, жирная довольно густая (для втирания) масса (напр., масло, жир, мазь и т. п.)
Сылгыттан уҥуоҕун үлтү охсон, оргутан хоргунун сииллэр эбэтэр оҕунуох оҥостоллор. АНП ССХТ. Тириигэ оҕунуох иҥиитэ, быыһыгар өтөн киириитэ имитиини түргэтэтэр. "Кыым". Ыт мунна диэн ааттанар хара тэллэйи, оһох курунньугун сүөһү хаанын бөлүөҕэр уонна арыыга ныһыйан, булкуйан суулаан ууран, оҕунуох иҥэриллэр АЕЕ ӨҮОБ
3 аат тыл #
Массыына (тырааныспар) арыыта (ньиэп бородууксуйата)
Нууччалыы Смазочное масло для двигателя (продукт переработки нефти)
Массыына оҕунуоҕа эргэрдэҕинэ хойдор, оччоҕо эргийэрэ ыараан хаалар. ДьБ. Гаас элбэхтик хостонор буоллаҕына бэнсиини, сэлээркэни, араас оҕунуоҕу оҥорор собуот тутуллуоҕа. НС ХСБС. Аалсар ньуурдар икки ардыларыгар оҕунуох кутан аалсыыны уонунан төгүл аччатыахха сөп ПАВ Ф-7 Арыы, сыа иҥмитэ, иҥэн хаппыта, килэрийбитэ. Θ Въевшаяся жирная грязь, лоснящееся высохшее пятно. Уйбаан убайыгар оҕунуох иҥмит чэрдээх илиитин уунна.
Н. ЛугиновСыах иһигэр кип-килбэчигэс оҕунуох буолбут таҥастаах, хара хоруо буолбут сирэйдээх дьон мустан тураллар. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Оҕунуох иҥмит харыларын быар куустан баран турааччы А. Фёдоров
4 этии #
Оҕунуох быччархайдара - обот түү (быччархай) диэн курдук (көр обот). Чоху этин кэлин уһугар арыытыҥы симэһини (бэссэстибэни) таһаарар оҕунуох быччархайдара бааллар. ББЕ З. Ср. др. -тюрк. йах ‘мазать’