ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маас

аат тыл

Нууччалыы мазь.

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

, эмт. Ыалдьар сири оҕунуохтуурга туттуллар эмтээх бэссэстибэлэртэн эбэтэр араас үүнээйилэр сүмэһиннэриттэн оҥоһуллубут арыытыҥы хойуу булкааһык

Нууччалыы Мазь. Харах мааһа. Эмэ-томо тиийэн биэрбэт: Искэ иһэр бороһуоктар, Таска соттор араас маастар - наадыйыыны толорботтор. Күннүк Уурастыырап. Хотунум сирэйин мырчыҥнаттар, уоһун чорбоҥноттор даҕаны, эмин кэмигэр иһэр, мааһын оҕунуохтанар. Н. Габышев. Уол чыычааҕы өр көрөн бүөбэйдээбитэ, кынатын мааһынан оҕунуохтуура, аһатара-сиэтэрэ. "ХС"

II

2 аат тыл #

Оонньуур хаартыны улууһунан араарыы

Нууччалыы Масть в картах

  • Буугунай мааһа.
  • "Баар!.. - биир хотостугас сирэйдээх, кылахачыйбыт харахтаах суон киһи, кыламмытынан -- хаарты барыта өрө эккирии түһүөр диэри остуолу охсон хабылыннарда. - Хараҕа - уоннуу, сибиэтэ - маас!"
    Амма Аччыгыйа
  • Хаарты тахсарыгар дьүһүнэ тупсааччы: түөрт уоннуу маас, боростуойа таҥнары
    Болот Боотур
III

3 аат тыл #

, кэпс. Туох эмэ төрүөтэ, сылтаҕа

Нууччалыы Причина, повод для чего-л. [Баһылай:] Массыына алдьаммытын, мааһын быһааран олоробун, онон буоллаҕына, доҕоччуок, ону баран көрө тардыах

4 этии #

Нууччалыы Найти подход к кому-чему-л.; прийтись по вкусу, нраву

Этиилэр

Тос мааһын биэр көр тос II

  • Кини сүүнэ улахан сэриини хомуйан -- баайдарга тос маастарын биэртэлиирэ буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • [Булчут] чороҥ соҕотох ботуруонунан түүнүн түөкүтүйбүт, "дьукааҕын" [эһэни] тос мааһын биэриэҕэ.
    Н. Абыйчанин

Тос мааһын ылла көр тос II

  • Сталинградка тос мааһын ылбыт өстөөх онон сөп буолан, -- кэбис, эрдэ-сылла хаан тохтуутун тохтоттоххо сөп буолсу диэбэтэҕэ.
    А. Данилов
  • Башня эркинин тоҕо көппүт снарядтар ону барытын үөдэн-таһаан оҥорбуттар. "Көр, бу урусхал сорҕотун мин, ыраах Саха сирин уола, оҥордоҕум. Сиэхситтэр тос маастарын ылбыттар", - диирэ Гавриил. ДАЛ УуУоО

«М» буукуба