ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мааска

аат тыл

Нууччалыы маска

I

1 аат тыл #

Ол-бу көргө-күлүүгэ кэтиллэр оҥоһуу сирэй

Нууччалыы Маска (напр., театральная)

  • Маскараат мааската.
  • [Бырааһынньык күн] көннөрү үлэ кэмигэр уларыйбат, мэлдьи биир сирэйдээх дьон мааны таҥастарын кытары мичээрдээн ыттайа сылдьар саҥа маасканы кэппит курдуктар.
    Н. Лугинов
  • Кэнчээри одуулаһар Мааска кэппит кыысчааны, Наскылдьыта вальстыыллар Кулууп киэҥ саалатыгар
    И. Гоголев

2 аат тыл #

Ис дьиҥи, илэ дьүһүнү кистэнии, саптыныы

Нууччалыы Личина, маска, маскировка. [Тимэппий:] Эһиги тэрийэр холкуоскут -- ити эһиги баайдар, кулаактар саайкаҕыт мааската буолар

  • Көлөһүннээччилэр-тойоттор ханнык да маасканы кэппиттэрин иһин, кинилэри утары охсуһуу ханна баҕарар бара турарын эһиги өйдөөҥ.
    Амма Аччыгыйа
  • Булларбат маасканан саптаннар, Буортулаах үлэни ыыталлар
    Күннүк Уурастыырап
II

3 аат тыл #

, түөлбэ. Куоска

Нууччалыы Кошка. Чуолҕан үүтүн курдук балаҕан муус түннүктэрэ, мааска хараҕын уотун курдук, хабыс-хараҥа ортотугар кылаһан көстөллөрө. А. Софронов

«М» буукуба