Перевод с якутского
маасса
аат тыл
Нууччалыы масса
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ханнык эмэ эттик уопсай кэриҥэ, киэбэ, ыйааһына
Нууччалыы Масса (количество, объем, вес тела)
Эттик маассата. Хотугу Америка былаһын тухары салгын маассата -- хамсааһынын мэһэйдиир туора түһэн сытар сис хайалар суохтар. САИ ССРС ФГ. Маассата [ыйааһына] суох нейтрино үөскүүрүн дакаастыырга элбэх бириэмэ, элбэх күн, түүн наада буолбута В. Яковлев
2 аат тыл #
Туох эмэ хойуу гына биир кэлимсэтик булкуллубута
Нууччалыы Масса (бесформенная густая смесь)
Михаил Прокопьевич лотуок түгэҕэр сөҥөн хаалбыт маассаны ытыһар И. Бочкарев
3 этии #
Этиилэр
Күөх маасса көр күөх I
Кукуруза сиилэстээтэххэ өлгөм күөх маассаны биэрэр. "Кыым". Сенаж траншеята - сенаһы бэлэмнииргэ саамай табыгастаах ньыма, манна күөх маассаны тыраахтарынан үчүгэйдик дьиппинитэллэр. ПАЕ ОС. Саҥа сиилэстэнэр күөх маассаны түргэнник уган бүтэрии үчүгэй сиилэһи ылыы биир суол дьоһуннаах усулуобуйатынан буолар. САС
4 аат тыл #
Үлэһит нэһилиэнньэ киэҥ араҥата, норуот
Нууччалыы Масса (народ)
Саха баайдара -- маассаны бэйэлэрин диэки төһө да уккуйа сатаабыттарын иһин, маасса кинилэргэ барбат, кыттыбат.
Суорун ОмоллоонНоруот маассата бары ааспыт үйэҕэ уопсастыба кылаабынай оҥоруулаах күүһэ буолара. ДИМ. Уурастыырап "Ымыы уонна Налбыһах" диэн поэматын сүрүн идейнэй матыыба - эмиэ бу саха киэҥ маассатын олоҕор-дьаһаҕар, өйүгэр-санаатыгар тахсыбыт тосту уларыйыылары, ситиһиилэри көрдөрүү КНП КУуА