ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэлимсэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы глыба, сплошная, цельная масса чего-л

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Биир арахсыспат кэлим, сомоҕо

Нууччалыы Глыба, сплошная, цельная масса чего-л

  • Буровой массыыналар таас чох кэлимсэтин, Дьөлө үүттээн, кыымнаах кыырпаҕынан бурҕайаллар.
    Л. Попов
  • Үөһэттэн хаар кэлимсэлэр быстан түһэн суолларын мэһэйдээн, [айанньыттар] кыайан тиийбэтэхтэр эбит. Х
    АаКА
  • "Бу биир кыбартаал, биир кэлимсэ дьиэҕэ барыта биэс тыһыынча кэриҥэ киһи олоруохтаах", - диэн оҕонньорго быһааран биэрдэ.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • Табаҕа диэн баһа-атаҕа биллибэт айааны солоон, сирин таҥастаан, тыһыынча гектардаах биир кэлимсэ сонуогу оҥордулар.
    И. Данилов
  • Халлааны -- кэлимсэ былыттар саппыттар
    Н. Габышев

2 даҕааһын #

Арахсыбат гына бииргэ сылдьар, холбуу

Нууччалыы Нераздельный, цельный, сплошной

3 даҕааһын #

Бүттүүн, толору

Нууччалыы Сплошной, всеобщий, полный

  • Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн кэлимсэ үөрэхтээһин күүскэ ыытыллыбыта. Эрчимэн. Кэлимсэ механизациялаах сибиниэлэр отчуттара бука бары кылаастаах тырахтарыыстар, суоппардар.
    ХС
  • Өймөкөөн оччолорго олус хараҥа, кэлимсэ үөрэҕэ суох сиринэн ааҕыллара
    ХС

4 даҕааһын #

суолт. Кэлимник, бүтүннүү

Нууччалыы Сплошь, целиком

  • Биир кэлимсэ тунаарыйан турбут сис саҕатыгар мастар биирдии араарыллан көстөр буолбуттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Күрэнэн, кэлимсэ күрдьэн устар хойуу собо ити бэлиэ талаҕы хайаан да таарыйыахтаах.
    И. Гоголев
  • Салгын халыҥ араҥата сир шарын кэлимсэ бүрүйэр
    СМН АҮө

«К» буукуба