Перевод с якутского
уйук
аат тыл
Нууччалыы возможность выдержать какой-л. груз или что-л. тяжёлое
1 аат тыл #
Туох эмэ ыараханы, ыарахан баттыырын тулуйар, уйар кыах (өрүс, күөл мууһун этэргэ)
Нууччалыы Возможность выдержать какой-л. груз или что-л. тяжёлое (о ледоставе)
Муус устун тыргыллар суол, киппэ киэлигин, Эн модун уйуккун биһирии сэргиибин. А. Михайлов Туустаах уу мууһа уйуктаах буолар, үлтүрүтэ барбат. Я. Козак (тылб.)
2 аат тыл #
Суудуна, хараабыл, тырааныспар таһаҕаһы уйар, ылар кыаҕа
Нууччалыы Предельная масса груза, которая может быть поднята или перемещена механизмом, вагоном, судном, грузоподъёмность. [Тыы] Халысхан айанын Хайгыыбын өрүүтүн
Ол иһэн саныыбын Уйугун үтүөтүн. И. Федосеев Дьааҥы өрүһү туоннаттан ордук уйуктаах аарыма оҥочонон туораатыбыт. “Кэскил”. Массыыналар уйуктарын тиһигин быспакка улаатыннарабыт. “ Кыым
3 аат тыл #
, түөлбэ. Эдэр кыыл таба
Нууччалыы Молодой дикий олень
Сүүрэн иһэн субурутар Бэргэн бэрдээнинэн – Ойон иһэн охтор уйук бэрдэ Адаар муостарын тэлгэтэн БХХ