Перевод с якутского
сиэрэ
аат тыл
Нууччалыы сера.
аат тыл
Тиэхиньикэҕэ уонна медицинэҕэ туттуллар араҕас өҥнөөх умайар минеральнай эттик
Нууччалыы Сера. Хараҕыттан-сирэйиттэн Хатат уотун курдук Сиэрэ уота Сирилии тоҕунна. П. Ойуунускай. Бөтөкөчүүн доруоп саатын хаапсылыгар испиискэ сиэрэтинэн оҥоһуллубут бөстүөнүн хатаата. В. Протодьяконов. Уокка быраҕыллыбыт сиэрэ курдук, Эн күлүм гынан аастыҥ, Бу дойдуга тохтуу түспэккэ. Д. Дыдаев