Перевод с якутского
кулугу
аат тыл
Нууччалыы сера
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи кулгааҕын иһигэр үөскүүр саһархай өҥнөөх бэссэстибэ
Нууччалыы Сера (ушная)
Сарсыарда эрдэ эмискэ сүүһүнэн орудиелар, минометтар ньиргийбиттэрэ. Кулгаах кулугута туллар, сир титирэстиир үлүгэрэ буолбута. ССС. Буров санаатыгар, мотуор олус улаханнык тыаһыыр курдук, кулгааҕын кулугута тулла сыста. ХС Ср. монг. хулха; кирг. кулку; казах. кулык 'ушная сера'
2 аат тыл #
Туох эмэ эргийэр киинэ эбэтэр эргичийэр хараҕата
Нууччалыы Ось, стержень, вал вращения чего-л. Үс аан дойду Үс күлэр кулугутун Туллар тутааҕа буолбут Түөрт уһуктаах, Аҕыс кырыылаах Дьэҥкир таас баҕаната
Туруу дьаҕыл дойдубут туллубат кулугута - Кэрэхсэбиллээх Кремль кириэппэс Бастыҥ аар баҕаҕын чаһыта С. Зверев
3 аат тыл #
Тутаах, сис, кылаабынай киһи
Нууччалыы Главный, ведущий, основной (о человеке)
Бу киһи улахана тииҥ саҕа эбит, Сээркээн Сэһэн диэн ааттаах эбит, Өйүн, сэргэҕин уонна аптааҕын иһин Сир кулугута дииллэрэ үһү. Таллан Бүрэ. Бу былыр -- байан-тайан нэһилиэк сиһэ, улуус кулугута буолан аатыран олорбут Старостин ордуута этэ
Л. Габышев
4 аат тыл #
Ааны сыҕарыччы анньан эбэтэр олуйа уган хатыыр суон мас эбэтэр тимир
Нууччалыы Запор, засов
Тимир чуулаан килбэллэн турар эбит: тас өттүттэн үс сиринэн тоҥ модун олуурунан олуйан кэбиспит, тимир кулугунан кулугулаан кэбиспит Ньургун Боотур