Перевод с якутского
тоҕонох
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы локоть.
1 аат тыл #
Киһи окумалын уонна харытын уҥуохтара холбоһор сүһүөҕэ
Нууччалыы Локоть. Тогойкин быаны тоҕоноҕор эриммэхтээн, тиэрбэстии тутта. Амма Аччыгыйа. Маастар Басов өй булан Тоҕоноххо аспыта. А. Абаҕыыныскай. Тоҕоноҕу мыылалаах итии уунан дэлби аалан суунуллар. ДьБ
2 аат тыл #
Уста кээмэйэ: икки сүөм
Нууччалыы Мера длины: две пяди
тоҕой 1 диэн курдук. Тоҕонох аллараа өттүнэн быһыт тутуллубутун ордук биһирээн туран суруйбутум. Амма Аччыгыйа Үрэҕи бэтэрээ кытыытынан кыйа, тайах аһылыктаах тоҕонохтору чуҥнуохтара. Н. Борисов Биһиги ол уулуссалар тоҕонохторугар билсибиппит. Н. Босиков
Өссө холобурдар (4)
Барбахтаат, оҕонньор тоҕонох уулуссаҕа халыйда. Р. Баҕатаайыскай Уолаттар бочооттоһор тоҕонох көрүдүөрдээхтэр. Н. Габышев Ср. каракалп. шыҕанак, хак. сыҕанах, бур. тохоног ʻлокотьʼ Сорох уста кээмэйдэрин икки ардыларыгар баар сыһыаннар: "былас" – түөрт тоҕонох, "тоҕонох" – икки сүөм, "сүөм" – түөрт тутум, "тутум" – түөрт илии ПАИ СМС
3 даҕааһын #
суолт. Тумустаан киирбит, туора
Нууччалыы Имеющий изгиб, с изгибом