ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйылаа

туохтуур

Нууччалыы вскрикивать; визжать

English to cry out, to squeal

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы вскрикивать; визжать

English to cry out, to squeal

  • ыт ыйылаата
    собака взвизгнулаthe dog squealed

2 туохтуур #

Нууччалыы свистеть на лету

English to whistle (make a high-pitched noise due to rapid movement)

  • буулдьалар ыйылыыллар
    пули свистятbullets are whistling

3 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Ыт ыйылыы түһэн баран, туора ыстанна.
    Суорун Омоллоон
  • Кусчут [ыт аата], ааттаспыттыы, атаҕын биэрэ-биэрэ ыйылаабыта.
    М. Доҕордуурап
  • Ытым оҕото ыйылыы хаалла.
    Н. Туобулаахап
Өссө холобурдар (1)
  • Биир ат олгуобуйаларын тоһуттубут тобохторунан илгиэлэнэн, киниттэн сүүрэ турда, иккис ат, эмиэ кини курдук, сиргэ охтон сытар эбит: сытыытык, уһуннук ыйылаата. Л. Толстой (тылб.)

4 туохтуур #

Синньигэс, хатан саҥаны таһаар (хол., ыт туһунан)

Нууччалыы Издавать высокий, резкий крик, визжать (напр., о собаке)

5 туохтуур #

Салгыны хайытан иһиирэр курдук сытыы тыаһы таһаар

Нууччалыы Издавать резкий свист, свистеть (напр., о пуле)

  • Кэнниттэн бандьыыттар иҥсэлээх буулдьалара икки өттүнэн сиирэ-халты ыйылаабыттара.
    А. Сыромятникова
  • Үрдүбүтүнэн сэнэрээттэр ыйылыыллар, аттыбытыгар миинэлэр эстэллэр. ИИФ УС. Сытыы хотуур хойуу оту сиҥнэрэн иҥсэлээхтик ыйылаабат
    Күрүлгэн

6 туохтуур #

Салгыны күүскэ ытыйан, улуйар курдук тыаһы таһаар (силлиэ, буурҕа туһунан)

Нууччалыы Издавать похожий на вой звук, выть, завывать (о вихре, пурге)

  • Дохсун тыал түһэн ыйылыы ытыллар: Таастары хастыыр, тииттэри мускуйар.
    М. Ефимов
  • Оттон буурҕа син биир былыргылыы энэлийэр, суланар-саанар, -- ыйылыыр.
    Н. Габышев
  • Киллэм кырдалга талах маһы эрийэ-мускуйа күүстээх тыал куһуура ыйылыыр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув. сыйылаар ʽскулитьʼ, кирг. ыйлаа ʽплакатьʼ

«Ы» буукуба