ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөр

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы стадо

English herd

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы стадо

English herd

  • атыыр тоҕус үөрэ
    табун из девяти жеребцовa herd with nine stallions
I

2 туохтуур #

ан эрэ санааҥ олус астынан, дуоһуйан, көтөҕүлүн, дэбдэй

Нууччалыы Радоваться

  • Һа, аны кус кэһиилээхтэр, бу үөрдэхпин!
    Амма Аччыгыйа
  • Сурук тутар үчүгэйиэн! Чэпчии, үөрэ түһэҕин.
    П. Тобуруокап
  • "Үөрэ истиэх тустааххын, Үлэлиэҕиҥ!" – диэн тылы, Үөрэ этиэх тустааххын "Үлэлиибин!" – диэн тылы.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • "Хата, оҕом Аанаҕа дьукаах түбэспититтэн үөрэ олоробун", – диэтэ Мавра
    М. Доҕордуурап
II

3 аат тыл #

Биир көрүҥнээх көтөр, сүүрэр элбэх буолан сылдьар бөлөҕө…

Нууччалыы Группа животных, птиц, насекомых одного вида: стадо, стая, табун, косяк, гурт

  • Хаас үөрэ. Үрүмэччи үөрэ.
  • Чооруос халыҥ үөрэ ирбинньиктэнэн ааһа көттө.
    Амма Аччыгыйа
  • Арҕаа толоон түгэҕэр ньирэйдэр хойуу үөрдэрэ буралла сырсаллар, мэҥирээн эйээрэллэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Уруккута эбитэ буоллар, манан, арай, үөр балыктар сэллээн ааһыа эбиттэрэ буолуо.
    В. Яковлев
  • Дэриэбинэ таһыгар дьэллик ыт үөрэ үөскээн, куобах оҕотун, бэйэтин да күүскэ тутар
    ПАЕ КБАТ
  • Ханнык эмэ үөртэн биир чилиэнэ (хол., атыыр үөрүттэн). Θ Член, особь (стада, табуна, косяка, стаи). Атыыр тоҕус үөрэ. Отучча үөрдээх мороду.
  • Чэлгийэн көстөр күөх хотоол нөҥүө өттүнээҕи сырыынньа томторго холкуос дуул атыыра отучча үөрүнүүн таалалаан тураллар
    М. Доҕордуурап

4 аат тыл #

Өстөөх дьон, бөлөҕө

Нууччалыы Вражеская банда, орда, свора

  • Өссө сэрии буоллаҕына, Өстөөх саба түстэҕинэ – Көҥүл, дьоллоох олохпутун Көмүскэһэ барыахпыт, Күөмчүһүттэр үөрдэрин Күдэн гынан эһиэхпит!
    Күннүк Уурастыырап
  • Фашист үөрүн күлгэ көмөн, Көҥүл күнэ оонньуо
    Эллэй

5 этии #

Этиилэр

Атыыр үөрэ көр атыыр II

  • Үс атыыр үөрүн аҕалан далга хаайталаан кэбиһэр.
    Суорун Омоллоон
  • Туобуйа баай улахан хара тураҕас атыырын үөрэ Хатыҥ үрэх эҥээригэр хаһан аһыы сылдьар. Н. Павлов
III

6 аат тыл #

, миф., эргэр. Былыргы сахалар итэҕэллэринэн, куһаҕаннык өлбүт эбэтэр өлөн баран хараллыбатах киһи кута илэ абааһы буолан сылдьыыта

Нууччалыы По поверьям древних якутов: превращение души покойника, не нашедшего успокоения, в үөр – злого духа, который причиняет живым всякие беды и несчастья

  • Бахсы тойоно Дьэллэҥэй кинээс кэнники үөр буолан Болугур айыытын, Алтан айыытын, Мэлдьэхси айыытын, Игидэй айыытын кытта бииргэ аттаах, аарыктаах, хоболоох, чуорааннаах илэ сылдьар аттаах буолар этэ.
    Саха фольк
  • Былыр бу бабаарынаҕа түөрт булчут быстаран өлбүттэрэ үһү. Үөрдэрэ билиҥҥэ дылы илэ сылдьар дэһэллэр.
    Суорун Омоллоон
  • "Харатаайаптаах моҥнон өлбүт кыыстара Маайа үөр буолан сылдьарын көрбүттэр", – диэн кэпсээн тарҕанна
    Н. Якутскай

7 этии #

Үөрэ ытаан ааһар эргэр., миф. – былыргы саха итэҕэлинэн, өлбүт киһи үөрүн (дууһатын) абааһылар кини тыыннааҕар сылдьыбыт сирдэринэн кэритэллэр. Үс хонук иһигэр кэритэн бүтэриэхтээхтэр, ол иһин ыксатан таһыйаллар, онтон өлбүт киһи үөрэ ытыыр. Үөр ытаан ааһара кулгаах чуҥкунуурунан биллэр дии саныыллара Торопясь, злые духи подстегивали душу умершего,, отчего она плакала. Плач души умершего слышался как звон в ушах кого-л. Өлбөтөхпүнэ төгүрүк сылынан кэлиэҕим, өллөхпүнэ үөрүм ытаан ааһыаҕа, иккилээх оҕо саҕа барҕаҥ дьэс эмэгэт буолан этэ дьиэһийэн ааһыаҕа. Ньургун Боотур. Күһүҥҥү хараҥаҕа үөр хаас кылыкынаан ааспат, өлбүт киһи үөрэ ытаан-соҥоон ааһар. И. Гоголев

Нууччалыы По древним верованиям якутов, после смерти человека, злые духи заставляли его душу обойти в течение трех суток все те места, которые умерший посещал в жизни

«Ү» буукуба