ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыт

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы лежать, ложиться

English smell, odor

Ис хоһооно · 8
I

1 туохтуур #

Сиргэ эбэтэр туох эмэ үрдүгэр сытыары балаһыанньаны ыл

Нууччалыы Лежать, ложиться

2 туохтуур #

Ханна эрэ баар буол, сырыт

Нууччалыы Пребывать, находиться где-л

  • Бу окуопаларга хаһан эрэ биһиги дьоммут сыппыттар.
    Т. Сметанин
  • Хаайыыга биэс хонукка сыппыттарын кэннэ, соһуччу, туох да буруйа суох диэн таһааран кэбиһэллэр.
    Эрилик Эристиин
  • Ыйга сытар маҥнайгы вымпел биһиэнэ
    И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • Ньаадьыта Ааныска эмээхсин кэлэн хоно сытар эбит.
    Н. Неустроев
  • Оҕо утуйа сытан сөтөлүннэ.
    Күндэ
  • Онтон олус үөрбүтэ, сайдыбыта, астыммыта биллибэтэр да кыралаан ааҕа сытар табаарыс
    Н. Габышев

3 туохтуур #

Туох эмэ ис дьиҥинэн, ис хоһоонунан буол

Нууччалыы Состоять, заключаться в чём-л

4 туохтуур #

көмө туохт. суолт. -ан сыһыат туохтуурдары кытта ситимнэһэн, туох эмэ куруук буолар бэлиэтэ буоларын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -ан как вспомогательный глагол образует аналитическую форму глагола со значением действия, являющегося постоянным признаком предмета

  • Туймаада хочото маҥан хаарынан бүрүллэн килэһийэн сытар.
    Н. Якутскай
  • Улуу хайалар уһун куйаар уорҕалаах хочолору иилии түһэн сыталлар.
    Эрилик Эристиин
  • Сибиир икки өрүһүн – Индигиир уонна Халыма тардыыларыгар хаҕыс туундара тайаан сытар. С. Курилов (тылб.)

5 туохтуур #

көмө туохт. суолт. -а, -ыы сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн хайааһын биир кэмник тохтообокко эбэтэр өрүү буола турарын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастными формами на -а, -ыы основного глагола обозначает длительность или продолжающееся действие

6 этии #

Суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыт кэпс. – улаханнык ыарый Биирдэ икки хонукка тэллэххэ-суорҕаҥҥа сытар гына кырбаабыта, курутуйа санаабатаҕа. А. Софронов.

Нууччалыы Тяжело заболеть, быть прикованным к постели

Этиилэр

Сыта бай көр бай I

  • [Хайахсыытап] сэрии кыһалҕатын билбэккэ, дьон үлэтигэр кыттыбакка, онтон-мантан хоро таһан, уора-көстө эргинэн, сыта байан олорор киһи.
    В. Протодьяконов
  • Былыыр-былыр биирдэрэ быстар дьадаҥы, иккиһэ сыта байбыт ини-биилэр олорбуттар. ПРД ТҮө. Мэлгэйбээт сыта байан-байан баран, хоос гыннаҕа ити.
    С. Курилов

Сытан биэр

кимиэхэ-туохха эмэ утарыласпакка олорон биэр.

Переставать сопротивляться.

  • Ирдэбил бөҕө сир-сир аайы тэриллибит үһү. Ол да буоллар Айаал кинилэргэ сытан биэрбэтэх баҕайыта ини.
    Суорун Омоллоон
  • Дьэ ол иһин итинник урдустарга сытан биэриэ суохха баар этэ.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Итинник ыраас дьыалаҕа сытан биэрэр сатаммат.
    ХС

Сытан хаал

турбат гына ыарый.

Тяжело заболеть, слечь.

  • Кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана Киргиэлэй Дьөгүөрэп эмискэ синньигэс биилинэн ыалдьан сытан хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьиэбиттэн бу манна нэһиилэ кэллим. Эйигин көрөөрү -- Уонна бу сытан хааллым дии.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Сытар дүлүҥү атыллаабат киһи түөлбэ. – кимиэхэ да туох да куһаҕаны оҥорбот, сытыары сымнаҕас, сэмэй киһи. Ни на кого не держит зла (букв. человек, который не перешагнёт бревно). Ыалбыт оҕонньор сүрдээх сэмэй, сытар дүлүҥү атыллаабат, үлэһит бөҕө киһи.

Сытар ынаҕы туруорбат киһи

сымнаҕас, көрсүө, сэмэй киһи.

Он и мухи не обидит (букв. человек, который не вспугнёт (не поднимающий) даже лежащей коровы).

  • Аҕам эрэйдээх чугастааҕы дьонунуу-сэргэтинии, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи этэ.
    Далан
  • Миитэрэй барахсан сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи этэ.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • [Чаачар] киниэхэ эрэ да буолуо дуо, киһиэхэ барытыгар сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас майгыннааҕынан биллэрэ. Софр. Данилов. Ср. ДТС йат, алт. дьат, тат. яту, уйг. йатмак, каракалп. жатыу ‘лежать, ложиться, лечь’
II

7 аат тыл #

Киһи (кыыл, сүөһү) муннунан сыттаан билэр ураты бэлиэтэ

Нууччалыы Запах. Көөнньүбүт күөх мутукча сыта таныытын кычыгылатта, мэйиитэ эргийиэх курдук буолла. Амма Аччыгыйа. Түптэ сыта билиннэ. Н. Габышев. Боҕуруоскай от сыта Муннубар саба биэрдэ. Баал Хабырыыс. Буспут эт минньигэс сыта дьиэ иһин тунуйбут. М. Попов

8 этии #

Нууччалыы Нет и в помине, ничего не осталось (букв. нет даже запаха)

Этиилэр

Буорах сытын амсай (бил) көр буорах

  • Сорох күн аайы кыргыһыы уотугар сылдьар. Сорох сааһын тухары буорах сытын билбэккэ хаалар.
    Амма Аччыгыйа
  • Этэрээккэ урут буорах сытын билбэтэх икки сүүс отутус пуолка кыһыл армеецтара -- барсар буолбуттара.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Сыл курдук сэриилэһэн, өстөөх тугун-ханныгын дьэ билэн, буорах сытын амсайан, -- улаханнык бааһыран, госпитальга өр сыппыта.
    ХС

Сыта да суох

букатын суох Дайыыла хас да сыл бастыҥ саллаат аатыран сылдьыбыта да, хата билигин байыаннайыттан сыта да суох.

  • Софр. Данилов. Сылайыы-элэйии диэн сыта да суох, кыым буолан көппүт.
    И. Бочкарёв
  • Эбиитин ол кырыыстааҕы [тигээйини] дьууктаары көрдөөн көрдө да, сыта да суох.
    ХС

Сыт таһаар

тугу эмэ көрдөһөн, алы гынан, уокка сылгы сиэлиттэн биэр (саха итэҕэлинэн, сыты билэн айыыһыттар кэлэллэрин курдук).

Кинуть в огонь немного конского волоса (по поверью якутов, почуяв его запах, духи могли прийти на помощь).

  • Туома Хаппытыан обургу, кэччэгэй муҥутаан, хотонун уҥуоҕун туруорарыгар сыт таһаарбатаҕа буолуо.
    А. Неустроева
  • Ойуун кыырар таҥаһын кэтэ туран, оһоххо кыратык уот оттон, сыт таһааралларыгар көрдөстө.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Сайылык балаҕан көмүлүөк оһоҕор уот саҕан саха киһитин үгэһинэн сыт таһаарда.
    В. Протодьяконов

Сыттыын сүттэ (мэлийдэ)

сүтэн хаалла, сурахтыын суох буолла.

Исчезать; как в воду кануть (букв. он пропал (исчез) вместе с запахом). Били уолбут сыттыын мэлийдэ.

  • Бэстилиэнэй биир көлүнэр оҕустааҕын тутан ылан биэлэйдэргэ биэрбитэ сыттыын сүппүтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Сытыгар да турбат кэпс. – арыгы сытын да ылбат, арыгыны абааһы көрөр. Испытывать отвращение к спиртному. Эмтэнэн баран арыгы сытыгар да турбат буолла.

Сыт ылла

сытынан биллэ (ыты, кыыллары этэргэ).

Взять след по запаху (о собаке, некоторых зверях).

  • [Ийэ тайах] эмискэ ойон турда, өрө хантаарыҥнаан сыт ылла уонна иһиллээн кулгаахтарын даллаҥната турда.
    Р. Кулаковскай
  • [Бөрөлөр] сыт ыллылар быһыылаах, мин диэки ойон кэбистилэр. Нэртэ. Табалар сыт ылан чөрөҥнөһө ньолооруҥнуу түстүлэр. ВВ ЫС
    Ы. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС йыд ‘запах, аромат’

«С» буукуба