Перевод с якутского
сыт-сымар
аат тыл
Нууччалыы резкий запах; аромат, благоухание; вонь, смрад
English odor, bad smell
1 аат тыл #
Киһи муннугар саба биэрэр, биллэр сытыы сыт (хол., үчүгэй, куһаҕан, ыарахан)
Нууччалыы Резкий запах; аромат, благоухание; вонь, смрад
Оо, дойдум барахсан оттуун-мастыын, сыттыын-сымардыын үчүгэй да буоллаҕа! И. Данилов Дьиэ ырааһа, сыыһа-бөҕө суоҕа, сыта-сымара үчүгэйэ – киһи көхсө-быара кэҥиэх курдук. Эрилик Эристиин Таҥаһа-саба иһиттэн көлөһүнүгэр буһан, таһыттан сиигирэн ибили сытыйда, сыт-сымар бөҕө буолла ХС
2 этии #
Нууччалыы Авось достанется что-л. съестное, вдруг удасться чем-л. разжиться
Этиилэр
Сыт-сымар тахсаарай
ас-үөл тахсаарай, аска-үөлгэ тииһиниллээрэй Бэйи эрэ, манна тугу гына турдамый.
Хата, онно туох эмэ сыт-сымар тахсаарай, хата, барыахха. А. Софронов Ср ДТС йыд йыпар ‘запахи, ароматы’, йыпар ‘мускус; запах, аромат’