Перевод с якутского
куһаҕан
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы плохой, худой
English bad
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Туох да үчүгэйэ суох, ханнык эмэ ирдэбилгэ сөп түбэспэт, быстар мөлтөх
Нууччалыы Плохой, худой
Сип-сибилигин кэлиэҕэ, Мэхээскэ ити уолун үҥсэ баарта. Дьэ, куһаҕан инилээх буолан, ааранан биһиги да кутталбытыгар өлө сыстыбыт.
П. ОйуунускайКуһаҕан дьыллартан, кураантан арахсан, ходуһа муҥутуу көҕөрдө. Күннүк Уурастыырап Саха уола куһаҕан сааһыт дуо? Суох! Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
Куһаҕан сымыйа буолбат (өс ном.). Куһаҕантан киһи да күлэр (өс ном.). Дьиҥэр, үчүгэй куһаҕаннааҕар быдан күүстээх эбээт, уһугар тиийэн кини хайаан да баһыйар. Амма Аччыгыйа Икки сүүс сэттэ уонча ыал үс сүүс күрүө сири, өссө этиэххэ наада, ходуһа саамай куһаҕанын бас билэллэр М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Туох эмэ саамай мөлтөҕө, үчүгэйэ суоҕа, ханнык эмэ ирдэбилгэ кыайан сөп түбэспэтэ
Нууччалыы Что-л. плохое, дурное
3 даҕааһын #
Кир-хах, бөх-сыыс
Нууччалыы Грязь, нечистоты
Кулугур кулгаахтаах Кулут уол оҥостуом, Куһаҕаммын ыраастатыам, Күөрт ыт оҥоруом, Күөдэлитэ сүүрдүөм
П. Ойуунускай
4 этии #
Нууччалыы Как дурной знак, дурная примета
Этиилэр
Куһаҕан биккэ дылы
куһаҕаны эрдэттэн биллэрэр бэлиэҕэ дылы Макаар түннүккэ тиийдэ.
Сибиинньэни көрдө. "Аата баҕайы куһаҕан биккэ дылы көһүннэҕэ".
Суорун Омоллоон
Куһаҕан битим тардар
куһаҕан буоларын бэлиэтиир миэстэтэ (этэ) тардар.
Предчувствовать дурное, плохое (букв. у меня дергается то место, которое предзнаменует дурное).
Бэрт куһаҕан битим тардар.
П. ОйуунускайТуох түбүлээри гыннаҕай, Аргыылап кэлин күннэргэ наар куһаҕан битэ тардан таҕыста. Софр. Данилов. Куһаҕан буолбут харыс т. – өлбүт диэн таайтаран этии. Он скончался (букв. он стал плохим). "Тыый, куһаҕан буолбут дуо?!" – дьиэлээх эмээхсин, тутан турар сыпсытын мүччү тутан кэбистэ. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Саҥа былаас туһа диэн охсуспут, кыргыспыт, сүүрбүт-көппүт биллэр-көстөр дьон эмиэ куһаҕан буолбут сурахтара сир-буор аннынан тарҕаналлара. В. Гольдеров
Куһаҕан эркиннээх
кими эмэ куһаҕаҥҥа тэбэр кыахтаах, сабыдыаллаах.
Влияющий с плохой стороны; оказывающий дурное, плохое влияние.
Норуот мунньахтара эһиэхэ, тойотторго, кырдьык да, куһаҕан эркиннээх буолуохтара. Амма Аччыгыйа
5 этии #
Нууччалыы Злой дух. [Дьарааһын:] Дьэ, буоллаҕа
Этиилэр
Куһаҕан тыын
абааһы аймаҕа Абааһы да ханна барыай.
Куһаҕан тыын киһини булара бэрт дөбөҥ. Н. Неустроев Бу буоллаҕына (алта харах эбиэннээҕи ылар) абааһы өҥөйөн көрбүт эбит. Онон куһаҕан тыын түһэн баран, бу этэҥҥэ тахсан барда.
Суорун Омоллоон
Куһаҕан ыарыы
венерическэй ыарыы (үксүгэр бөрөлөйү этэллэр).
Сифилис (букв. дурная болезнь).
Оннооҕор, бэл эн-мин дэспит, Уруккута, истиҥ дьоно, Сырҕан баастаах, ханнык эрэ, Сыстыганнаах куһаҕан Ыарыы буолбут киһитин, Ырааҕынан тумналлара. Күннүк Уурастыырап