Перевод с якутского
дьаат
аат тыл
Нууччалыы вещество, вызывающее отравление, яд
English poison
1 аат тыл #
Тыынар тыыннааҕы ыараханнык сүһүрдэр бэссэстибэ
Нууччалыы Вещество, вызывающее отравление, яд
Сэппэрээк сибэккилэнэр кэмигэр ынырык куһаҕан дьааты таһаарар. ПНИ ЭД. Табахсыт дьон никотин дьаатынан сутуллаллар. ПНЕ СТ. Моҕой дьаатыттан медицинаҕа эмп оҥороллор. ББЕ З
2 аат тыл #
Куһаҕан кэмэлдьи, кыдьык
Нууччалыы Дурная привычка, порок
Бу курдук дьадаҥы, кыһалҕалаах буолар этиэм, хаарты дьаата баҕайы иҥэн хаалан, маннык олоххо олордоҕум. А. Софронов Төрөппүттэрэ өлөллөрүн кытта Григорий арыгы, хаарты дьаатыгар олус күүскэ ылларан баайыттан өлгөм-өлгөмнүк ыыталыыр буолбута. Д. Таас Бу кэмҥэ бар дьон кылаас өстөөхтөрүн утары сомоҕолоһоллоругар биир суол сүрүн мэһэйинэн аҕа уустарынан атааннаһыы дьаата буолар Амма Аччыгыйа
3 аат тыл #
үөхс. Куһаҕан саҥнаах киһи, баҕайы, дирээн
Нууччалыы Подлый человек, мерзавец, негодяй
"Бу дьаат сирэйэ-хараҕа бэрт турбут ээ... Бадаҕа дьээдьэтин көмүскүүр ээ", – диэн саныы-саныы хомсомуол сэкирэтээрэ тыл биэрдэ.
П. ОйуунускайХата бэрт ыалга түбэһэн бэркэ олоруохпутун, ити полиция дьааттар таҥнары сүпсүйэн кэбистилэр Эрилик Эристиин