ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьаабы

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы скверный, дурной, ужасный поступок; безобразие

English ugly

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Олус түктэри быһыы, киһи сүөлүргүүр суола, дьыалата

Нууччалыы Скверный, дурной, ужасный поступок; безобразие

  • Манна дьиэҕэ буолбут дьаабыны биһигиттэн бэйэбититтэн атын ким да билбэт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Дьон үксэ ынырык дьаабыттан [бандьыыттар дьону сэймэктээбиттэриттэн] хараастан дьиэлэригэр тарҕастылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Чугаспытыгар сэнэрээттэр түһэн дэлбэритэ тэптилэр. Киһи төбөтүн өндөппөт дьаабыта буолла
    И. Сосин

2 аат тыл #

Туох эмэ ис дьиҥэ, бэрээдэгэ (үксүгэр мэлдьэх суолталаах этиилэргэ сөбүлээбэт дэгэттээх тут-лар)

Нууччалыы Состояние, ход чего-л. (преимущественно употр. в контексте отриц. с оттенком недовольства, осуждения)

Өссө холобурдар (2)
  • Дьаабы таҥастаах, дьүдьэх дьүһүннээх Боруукай балта -- саккыраан киирдэ.
    Болот Боотур
  • Эйиэхэ бэрт элбэх дьон сылдьарын көрөбүн, ол гынан баран итириктээһин уонна дьаабы быһыылар тахсыбаттар. М. Горькай (тылб.)

3 даҕааһын #

суолт. Куһаҕан, түктэри; мөлтөх, мөкү

Нууччалыы Плохой, безобразный; скверный, дурной

4 этии #

Нууччалыы Изменился в худшую сторону; потерял человеческий облик

Этиилэр

Дьаабытыттан ааспыт

куһаҕан быһыыламмыт, уруккутуттан түктэри өттүгэр уларыйбыт Өрүүскэ дьаабытыттан ааһан сылдьар: ол-бу дьону барыларын кытта орооһор.

  • Тюрк. йабыҕ, ябык ‘плохой; худой, тощий’

«ДЬ» буукуба