ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сут

аат тыл

Нууччалыы голод в неурожайный год

English hunger

1 аат тыл #

Хоргуйуу, аччыктааһын (үүнээйи үүммэккэ, аһыыр ас уонна сүөһү аһылыга суох буолан)

Нууччалыы Голод в неурожайный год

  • Аан дайдыга анаарбатах Ахсым алдьархай таҕыста -- Икки атахтаах истибэтэх Иэдээннээх сут эргийдэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Биирдэ улахан сут буолбутугар "Нуотара үрэҕэр", от сии, Тааттаттан хас да ыал кыстыы киирбиттэрэ.
    Болот Боотур
  • Саха сиригэр өтөрүнэн түспэтэх уот кураан таҥнары сатыылаан, быйыл улуу сут адаҕыйда
    И. Гоголев

2 этии #

Нууччалыы Голод в годы первой мировой войны

Этиилэр

Боруон сут

бастакы аан дойду сэриитин саҕанааҕы аччык кэм Боруон сутугар мин уон аҕыһым этэ.

  • Саха сэһ. II.

Сут тыала

соҕурууттан үрэр сылаас, курааны аҕалар тыал.

Тёплый, сухой ветер с юга, приносящий засуху.

  • Тоҕус байҕал улаҕатыттан Тоҥ тобурах түһүтэлээтэ, Сут тыал үксээбититтэн Тооппоор аһыҥа Дьоһуннук ууһаата.
    Д. Говоров
  • Күөх ойуурдар сут тыала диэн ааттанааччы итии, кураан тыаллары тохтотоллор.
    КВА Б

Уот сут

сайын эрдэттэн улахан уот туран, үүнээйи үүммэккэ ас-үөл уонна сүөһү аһылыга суох буолуута.

Голод в результате больших пожаров в начале лета.

  • Дьахтар кыра оҕолуун огдообо хаалан, кэнники дьыл уот сут той буолан, үлэни-хамнаһы кыайан дьаһанымына бэркэ дьадайаллар.
    Д. Софронов

Уу сут

улаханнык халааннаан эбэтэр сайыны быһа ардах түһэн үүнээйи үүммэккэ, ас-үөл суох буолуута.

Голод вследствие сильных затяжных дождей. Былыргы уу сут дьылларыгар улахан дайыымпа буола сылдьыбыта. П. Ойуунускай.

  • Сааллар этиҥ лүҥсүйбүт, Самыыр ыаҕастан куппут. Кураайы сир-дойду өҥсүйбүт. Куттаан барбыт уу суппут.
    Болот Боотур
  • Мин билэрбинэн, Саха сиригэр сут икки көрүҥэ баар: кураан сут уонна уу сут. "Кыым"

«С» буукуба