Перевод с якутского
аччыктаа
туохтуур
Нууччалыы чувствовать, ощущать, испытывать голод, недоедать
English to hunger, to starve
1 туохтуур #
Аһыыр кэмҥин аһаран, аһыаххын күүскэ баҕаран кэл
Нууччалыы Чувствовать, ощущать, испытывать голод, недоедать
Чүөчээски кэлин уһугар бырда быстар, олус утатар, аччыктыыр, олоро түһэр.
Суорун ОмоллоонАбдуркулла! Мин сүрдээхтик аччыктаатым, куулгун көр эрэ, туох эмэ баар буоллаҕына, иккиэн сиэх! Эрилик Эристиин [Көрдүүр дьиэбин] булбатым. Өлө сылайдым уонна дэлби аччыктаатым. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Сүөдэр Сүөдэрэбис, аара аһаабатах буолан, дэлби аччыктаабыт П. Аввакумов
2 туохтуур #
Хоргуй
Нууччалыы Голодать, проголодаться
Дьоннор аччыктаан, сыыҥкалаан барбыттара. И. Никифоров Бүтүн табаттан, муоһуттан-туйаҕыттан атына, үһүс күннэригэр бүттэ. Аччыктыыр кыһалҕалара эмиэ чугаһаан кэллэ. Болот Боотур Аччыктыыр, тоҥор-хатар, эрэйдэнэр кыһалҕатын билбэккэ эрэ, олоҕу өйдүөххэ сөп үһү дуо?
Н. Лугинов
3 туохтуур #
Аһыыртан аккаастан (тугу эмэ бырачыастаан)
Нууччалыы Отказаться от приема пищи, объявить голодовку (в знак протеста)