ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аччык

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы голодный

English hungry

1 даҕааһын #

Аһаабатах, тото суох

Нууччалыы Голодный

  • Тот-муҥнаах, аччык-эрэйдээх (өс хоһ.). Тот-тоҥуй, аччык-амарах (өс хоһ.). Туруй, бары дойду кырыыстаах Аччык кулут дьон аймаҕа!
    П. Ойуунускай
  • Сааскы уһун күн аччык киһиэхэ ордук уһуур
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

суолт. Хоргуйуу, аччык буолуу

Нууччалыы Голод, голодание

  • Иҥсэни аччык үөскэтэр. Аччыгы баттал Хаҥатар. Батталы баай оҥорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Таһыыр, аччык, ынчык, кырыыс Тууйбат суолун норуот тобул!
    Эллэй

3 этии #

Нууччалыы Очень голодный

Этиилэр

Хам аччык көр туос аччык

  • Сампара, тоорохой да эти айаҕар укпакка, хам аччык утуйар.
    П. Ламутскай
  • Туос аччык - наһаа, олус аччык Туос аччык, дэлби тоҥон Ньырбачаан халлаан сырдыыта кычча хараҕа, кылайар тыына эрэ тиийбитэ.
    Далан
Өссө холобурдар (3)
  • Хайдаҕын да иһин, Уоһук ичигэс таҥаһы буллаҕына эрэ табыллыыһы уонна туос аччык хайдах өр бу окко сытыай?
    Н. Якутскай
  • [Дьөгүөссэ] ыксаан кырбас лэппиэскэтэ суох, туос аччык айаҥҥа турбута.
    М. Доҕордуурап
  • Тюрк. ачлык

«А» буукуба