ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

торҕон

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы голодный

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Быстаран сылдьар, наһаа аччык (хол., бөрө, эһэ, ыт туһунан)

Нууччалыы Голодный (напр., о волке, медведе, собаке)

  • Торҕон ыт кутуругунан оонньуур (өс хоһ.). Торҕон бөрө буоллаҕа: тыҥыраҕын наһаа таһаарар эбит.
    Болот Боотур
  • Торҕон эһэ Уҕараабат уорун-кылынын Кини эрэ кырыымпата Сыһытара үһү
    С. Данилов

2 даҕааһын #

Хаанымсах, өлөрөр-өһөрөр санаалаах; олус баттыгастаах, былдьыыр-талыыр саҥнаах (хол., өстөөх, баай туһунан)

Нууччалыы Кровожадный, жестокий; беспощадный (о врагах, богачах)

  • Хаһан да ирбэт тоҥ ииҥҥэ Торҕон өстөөҕү дьуоҕардыах! Эллэй. Баҕарбыт баайдарым бассыабай эбиттэр, Туттубут тойотторум торҕон эбиттэр.
    Суорун Омоллоон
  • Тойон абаҕам, Чоочо баай торҕон, -- Баттал бөҕөтө барҕаран, Таҥнары дьапсыйдаҕыан!
    С. Зверев
  • Кинилэр үрдүлэринэн торҕон буулдьа ыйылыыр
    И. Петров
Өссө холобурдар (3)
  • Тойон убайбын Туора улуус торҕотторо Чокуйан умсардылар быһыылаах, Өлөрөн өрөгөйдөөтүлэр быһыылаах.
    П. Ядрихинскай
  • Өймөкөөн өргө диэри -- араас кэрээннэриттэн тахсыбыт торҕоттор хорҕойор сирдэринэн буола туруо.
    Н. Заболоцкай
  • Туох да диэн эттиннэр торҕоннор - Туолбат маҕалайдаах тойоттор!
    И. Чаҕылҕан

3 даҕааһын #

Уһуннук бара турар; курдаттыыр (суол, баас туһунан)

Нууччалыы Долгий, протяженный; сквозной (о дороге, ране)

  • Биһиги киһибит тоҕус сиринэн торҕон баастанан, -- өлөр курдук дьэ дьүһүннэммит. ПЭК ОНЛЯ III. Үрэх сүнньүнээҕи торҕон айан суолугар киллэрэн баран, аппын көҥүл ыыттым
    С. Федотов

4 аат тыл #

суолт., сөбүлээб. Иҥсэлээх-оботтоох, хаанымсах дьон (киһи)

Нууччалыы Ненасытные, жадные, кровожадные люди (человек)

5 этии #

Этиилэр

Торҕон уодьуганын тарт (тут)

уодьуганын тарт (тут) диэн курдук (көр уодьуган).

  • Тор тэһииҥҥин тутаммын, Торҕон уодьугаҥҥын тардаммын, -- Аанньа саҥнанан Аттаныам суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • [Василий Петров:] Ким утары көрбүтү торҕон уодьуганын тутаммыт, ат гынан мииниэхпит.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. торгон ʻкорыстный, жадный; голодный (о звере); хищник (о звере)ʼ

«Т» буукуба