ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аас-аччык

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы скудный продуктами питания, голодный

1 даҕааһын #

Мэлдьи аччык, хоргуйа сылдьар (олох, кэм)

Нууччалыы Скудный продуктами питания, голодный (жизнь, время)

  • Т. Г. Шевченко айымньыларыгар Украина норуотун сордоох-муҥнаах, эрэйдээх-кыһалҕалаах, аас-аччык олоҕо ойууланар. Софр. Данилов. Татыйаас тойонун, Балтаһыт Сүөдэри, аас-аччык олоҕу кыайан тулуйумуна өлбүтүн уҥуох тутан иһэр
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

суолт. Уһуннук, быстара аччыктааһын

Нууччалыы Длительный, изнуряющий голод

  • Хотугу сир! Эн дьонуҥ тэҥҥэ быстара: Батталтан, дьаҥтан, аастан-аччыктан
    Эллэй

«А» буукуба