ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

торҕонноо

туохтуур

Нууччалыы изголодаться, оголодать

1 туохтуур #

Аһылык булбакка аччыктаа, иҥсэҥ көп, ыр-дьүдьэй (үксүн бөрө, эһэ туһунан)

Нууччалыы Изголодаться, оголодать (обычно о волке, медведе)

  • Охсуһан дуу, окко-маска тыыра көтөн дуу, хааннаммыт бөрөнү торҕоннообут доҕотторо өр гымматтар үһү.
    Амма Аччыгыйа
  • Суолга торҕоннообут үөр бөрөлөр Сулукучуһан кэллилэр.
    В. Протодьяконов
  • Эһэ мөлтөхтүк сыл тахсан, торҕоннообута өссө даҕаны ааһа илигэ
    И. Сосин

2 туохтуур #

Арҕахха киирбэккэ мээнэ бар (эһэ туһунан)

Нууччалыы Не залечь в берлогу, бродить (о медведе-шатуне). [Одуор:] Саҥардыыҥыта эһэ сылдьыбыт эбит

  • Сыппатах, торҕоннообут күтүр буоллаҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Булчуттар мэнээк барбыт, кыстыыр сирэ суох буолбут, торҕоннообут эһэни Таатта тоҕойун тумулугар көрсөн бултаабыттар
    ПАК АаТХ

«Т» буукуба