Перевод с якутского
чиҥээ
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы становиться плотным, уплотняться, уминаться, слеживаться
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Дьиппинийэн чиҥ буол, кыт аат
Нууччалыы Становиться плотным, уплотняться, уминаться, слеживаться (напр., о сене)
Тыалтан уонна күн уотуттан чиҥээбит хомурахтарынан наарталар чэпчэкитик элээрэллэрэ. Далан Оҕуруот культуралара чиҥээбэт сахсархай почваны сөбүлүүллэр. ФНС ОС. Ардахха уонна сииктээх оту мээнэ турдьэлэммэт, пресстэммэт. Чиҥээбит от ситэ кууран биэрбэт ПАЕ УуАХО Төлөһүйэн, ньыгыл, халыҥ буол (сүөһү этин туһунан). Θ Становиться плотным, упругим, крепким (напр., о мясе животных). Эһэлэр уһун кыһыны аһаабакка туоруурдуу оҥостон, күһүн эрдэттэн биир сиргэ дугуйданан сытан эрэ аһаан элбэхтик уойаллар, эттэрэ чиҥиир. ПАК АаТХ. Күрүҥ Эриэнинэн [оҕус аата] кыһынын биэс-түөрт сүөһү сиир отун уонна оттор мастарын таһыналлара. Ол оҕуска, этэ-сиинэ чиҥээн, төлөһүйэн улаатарыгар эрчиллии кэриэтэ этэ ХС
Өссө холобурдар (2)
Ыга бүрүүкээбит курдук быыһа-арда суох биир тэҥ хойуу буол (хол., хараҥа). Θ Становиться густым, непроницаемым (напр., о темноте). Хараҥа ордук хойунна, чиҥээтэ. Амма Аччыгыйа Киһи кутун-сүрүн баттыыр сакы-курус түүн хаһан да халбарыйыа суохтуу чиҥээн, дьиппиэрэн иһэр. Күрүлгэн. Туман киэһэлик өссө хойдон, дьиппинийэн, чиҥээн, хайалар икки ардыларынааҕы хотоолу, хаһан да дьайҕарбаттыы саба бүрүүкээн турбута Кыым
2 туохтуур #
Олорор, сытар сиргэр ыга түһэн өссө дьиппинийэн биэр
Нууччалыы Прочно засесть, залечь, усесться, улечься прочно
"Суох! Барбаппын! Син биир дьиибэлиэҥ!" – анараа киһи дьэ эбии чиҥээн биэрдэ. Амма Аччыгыйа Уол иһигэр: "Күн сирэ бырастыы!" – дии санаата уонна оронугар чиҥии-чиҥии сытта. Н. Заболоцкай Киһи тарыыр маһын өссө ыга баттаан, сыарҕатыгар чиҥии-чиҥии олордо ХС
3 туохтуур #
Дьиппиэрэн, дьиппинийэн өссө кытаатан биэр
Нууччалыы Становиться невозмутимым, несгибаемым, твёрдым (о ком-л.)
Балтым кыратын, намчытын көрүмэҥ, мүһүлгэннээх кэм тирээтэҕинэ, кини ордук чиҥээн биэрээччи. Л. Попов [Салайааччылар] Харахтыын-сирэйдиин дьиппинийэн, Хайдах эрэ чиҥээбиттэр. С. Васильев Ньургууна, тоҕо куттанаҕын? Кытаанах күҥҥэ чиҥиир сөп А. Сыромятникова
4 туохтуур #
Эрчимир, күүһүр, кыт аат
Нууччалыы Становиться сильным, твёрдым, крепким (напр., о голосе)
Сэмэн саҥата чиҥии түстэ. Амма Аччыгыйа Төрөппүт аҕа, ийэ аатын Түһэн эрэ биэримээриҥ! Хаамар хардыыгыт хаҥаатын, Охсор охсуугут чиҥээтин! Эллэй. Хаамыыбыт чиҥээтэ, Хардыыбыт кэҥээтэ. Күннүк Уурастыырап "Тоҕо күлүөм суоҕай?" – Кеша куолаһа арыычча чиҥээтэ Н. Габышев
5 туохтуур #
Бөҕөргөө, бигэтий, туруктаах буол
Нууччалыы Становиться крепким, устойчивым, укрепляться, упрочиваться
Дьахтар киһи аналын да быһыытынан амарах, аһыныгас буолуохтаах. Оччоҕо эрэ дьиэ кэргэн олоҕо чиҥиир.
Н. ЛугиновБэлиитик дьоннордуун сөрөһөн, Тиэхээски билиитэ кэҥээтэ, Ол дьоно кинини өйдөтөн, Күүс санаа эбиитин чиҥээтэ. Эрилик Эристиин Снайпер Гурьянов биһикки доҕордоһуубут ордук чиҥээн иһэр. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Урут мин "Тыгын Дарханы" саха оччотооҕу олоҕун энциклопедията буолар диэн суруйан турабын. Ити санаам өссө чиҥээтэ Г. Попов