ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаҥаа

Нууччалыы увеличиваться, расширяться в объёме, уплотняться

1 #

Мунньуллан, эбиллэн халыҥаан ис

Нууччалыы Увеличиваться, расширяться в объёме, уплотняться

  • Суолларын ортолоон эрдэхтэринэ халлаан былыта хаҥыыр, күнү хаххалаан кэбиһэр, хаар түһэн ыһыллар.
    Н. Якутскай
  • Хаар аҕыйах хонук иһигэр биллэ хаҥаата, хаамарга сылаалаах. Сэмээр Баһылай. Биирдэ: "Күөл мууһа хаҥаабыт, муҥхалыыллар үһү" диэн сурах иһилиннэ.
    ВА

2 #

Элбээн, үксээн ис

Нууччалыы Увеличиваться в количестве, приумножаться

  • Сүүс тыһыынча дьадаҥы хара көлөһүнүнэн биир баай үбэ-аһа хаҥыыр эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Маннык хоһуун айымньылаах үлэлээх кэлэктииптэр кэккэлэрэ хаҥаан истэҕинэ, олохпут өссө уйгуланыаҕа. ССП КҮФ. Кини үөр табалара хаҥаан иһэригэр тус бэйэтин көлөһүнэ тохтон эрэйдэммэт. П. Ламутскай (тылб.)

3 #

Улаат, дириҥээ, кэҥээн, сайдан бар (хол., билииҥ-көрүүҥ, ис кыаҕыҥ)

Нууччалыы Возрастать, умножаться, шириться, крепнуть (напр., духовное богатство, сила духа)

  • Дойдубут дуолан күүһэ Туругура турарыгар, Олохпут барҕа кыаҕа Ордук хаҥыырыгар – Санаа далааһына хабарын Саха барытын сатаатын!
    Күннүк Уурастыырап
  • Төрөппүт аҕа, ийэ аатын Түһэн эрэ биэримээриҥ! Хаамар хардыыгыт хаҥаатын, Охсор охсуугут чиҥээтин! Эллэй. Ис-духуобунай баайыҥ хаҥыырыгар көмөлөһөр дьарыктар. "Сахаада". Ср. ДТС хан ‘довольствоваться; приходить в соответствие с желаемым’, МНТ хаҥҕа, халх. хаҥга ‘удовлетворять’, бур. хангаха ‘снабдить’

«Х» буукуба