Перевод с якутского
ханыылыы
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы схоже, похоже, подобно чему-л. (быть). [Кээтии] Ханыылыы көрөн, сөбүлээн, Хаппытыаны кытта дьиэ тэринэр санааламмыта
1 сыһыат #
Кимиэхэ, туохха эмэ тугунан эмэ маарынныырдык, дьүөрэлии буолар гына (хол., дьүһүнүнэн, оҥоһуутунан)
Нууччалыы Схоже, похоже, подобно чему-л. (быть). [Кээтии] Ханыылыы көрөн, сөбүлээн, Хаппытыаны кытта дьиэ тэринэр санааламмыта
Ол сатамматаҕа. А. Сыромятникова Хахыйах, хатыҥ оҕолорун Ханыылыы анньыллыбыт, Киэргэл силигэ толору Кэтит чэчир тардыллыбыт. М. Ефимов Бэйэбин киниэхэ тэҥнээтэхпинэ, харыйа хатыҥныын хаамсыбытын курдук эрээрибин, киниэхэ ханыылыы, майгылыы буола сатаабытым ыраатта да, тоҕо эрэ ыпсан биэрбэт С. Федотов
2 даҕааһын #
суолт. Тугунан эмэ дьүөрэлэһэр, сөп түбэһэр (хол., дьүһүнэ, быһыыта-таһаата)
Нууччалыы Равный кому-л. (по положению), соответствующий, подходящий чему-л. (напр., по цвету, комплектации, фасону и т. д.)
Кини [Кыыс] олус ыалдьытымсах, ол гынан баран киниэхэ бэйэтигэр ханыылыы соҕус дьон сылдьаллар. Д. Таас Симон бэйэтигэр хоппуруон үрүҥ сэлээппэ ылла, оттон Үүйэҕэ түүппүлэтигэр ханыылыы өҥнөөх муус маҥан суумканы. Л. Попов Иннигэр турар дьахтар ийэтигэр маарыннаабат, ол оннугар сирэйин быһыыта-таһаата, ордук хараҕа, тоҕо эрэ киниэхэ бэйэтигэр ханыылыы курдук У. Ойуур