Перевод с якутского
ханыы
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы что-л. под стать, под масть кому-чему-л
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Тугу эмэ кытта биир дьүһүннээх, биир оҥоһуулаах туох эмэ
Нууччалыы Что-л. под стать, под масть кому-чему-л
"Манна [куска] ханыы көһүннэҕинэ, куһаҕан буолуо этэ дуо?" – диэн аҕата мунааран турар. Амма Аччыгыйа [Бүөккэ:] Куокарап атыыһыт миигин ол таас ханыытын көрдөөр диэбитэ. Н. Туобулаахап Буурка, буурка… Бар дьон булка Соспут, таспыт Бараан сонун ханыыта С. Тарасов
2 аат тыл #
Икки бииргэ, холбуу сылдьар, атылыы предметтэн, паараттан биирэ
Нууччалыы Один из двух однородных предметов, составляющих целое, одна из пары
Ол таҥаһым ханыытын булбакка соҕотох хаатыҥкалаах мэлэкэчийэн хааллым Амма Аччыгыйа Э. К. Пекарскай "дьэбин" диэн тылга түүр тылларыттан ханыы тылы аҕалбатах Багдарыын Сүлбэ
3 аат тыл #
Бэйэ-бэйэлэригэр туохтарынан эмэ ханыылаһар, майгыннаһар дьон
Нууччалыы Человек, равный другому по каким-л. признакам, ровня
Хамначчыт ханыыларым, Кулут доҕотторум, Кэргэн кэккэлэрим, истиҥ эрэ. Саха нар. ыр. III. Тырамбаайга киирбитим, ханыыларым, сэлээппэлээхтэр, палубаҕа күн уотугар олороллор эбит. Н. Габышев Үүлүйэ үчүгэйин үчүгэй – ханыытын буларын ааста. Венера. [Мотуо:] Хара-хара буоламмын ньии, Ханыыта суох сылдьаахтыыбын ХС
4 даҕааһын #
суолт. Майгынныыр, ханыылаһар, пааралаһар
Нууччалыы Сходный, подходящий
5 этии #
Нууччалыы Стремиться привлечь на свою сторону кого-л., подобного себе в каком-л. отношении
Этиилэр
Ханыы тардыс
бэйэҕэр биир куомун буолар киһини булан, бэйэҥ диэки тарда сатаа Бу били урут көмүс була кэлэ сылдьыбыт дьон ханыы тардыһан, онуо буолан көмүс көрдүү кэллэхтэрэ.
Ханыы тардыһан, бэйэтин дьонун мунньан эрдэҕэ. "Чолбон"
6 этии #
Этиилэр
Ханыы тыл
паараласпыт тыл диэн курдук (көр пааралас).
Тиэкистэн ханыы тылы булуҥ. [Күннүк Уурастыырап] Ханыы тыллары булан-талан, Халыыпка-киэпкэ кутан-тутан, -- Бэйиэмэ оҥортоон иһэрэ, Биһиэхэ бэркэ биһирэтэрэ. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Ср. бур. хани ‘друг, компаньон, приятель’