ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ханыылаа

туохтуур

Нууччалыы группировать, подбирать что-л. по сходным признакам

1 туохтуур #

Тугу эмэ ханыыларынан наардаа, дьүөрэлээ, пааралаа

Нууччалыы Группировать, подбирать что-л. по сходным признакам

  • Хара солкону хайыталаан баран, Ханыылыы уурбут курдук Хара ньалҕархай астаах.
    А. Софронов
  • Барҕа-барҕа сопхуоһум Маныыһыта буолабын, Харалары ханыылаан, Маҥаннары пааралаан, Ыамын аайы илдьэбин, Ыанньыксыкка тиэрдэбин.
    И. Гоголев
  • Соҕотох куобахпын ылан көхсүн имэрийтэлээтэ уонна бэйэтэ аҕалан уурталаабыт куобахтарыгар ханыылыы кирээккэҕэ аста
    Н. Борисов

2 туохтуур #

Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ майгыннат, тэҥнээ, холоо

Нууччалыы Сравнивать кто-что-л. с кем-чем-л., находить сходство между кем-чем-л

  • Субуллар эрэ суһуоххун Халлааным эрэ кустугар Ханыылыы эрэ саныыбын, Хайҕаллаах эрэ киэргэлиэм!
    А. Софронов
  • [Чубуку] Оҕобор ханыылаан Күндүтүк көрөбүн.
    Л. Попов
  • Уолугар ханыылаан ыраах дьиэлээх оҕону Гертруда бэйэтигэр олордубут
    Чолбон

«Х» буукуба