ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бай

туохтуур

Нууччалыы богатеть, обогащаться (напр., деньгами, скотом и др. имуществом); становиться материально крепким

English to be rich, become rich, get rich, grow rich

Ис хоһооно · 7
I

1 туохтуур #

Баайдан-дуоллан (хол., үп-харчы, мал-сал, сүөһү); материальнай өттүнэн кыаҕыр

Нууччалыы Богатеть, обогащаться (напр., деньгами, скотом и др. имуществом); становиться материально крепким

  • Никифоров кинээс бэйэтэ үлэлээн байбат, киһини босхо үлэлэтэн байар.
    М. Доҕордуурап
  • Өҥ дьылларга бар дьоҥҥо бэлэмнэппит отторун-бурдуктарын сут дьылларга баайдар уон төгүл ыарахан сыанаҕа атыылаан, ордук байаллара.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэнники олус байан аатырбыт кинээс-кулуба буолбут киһи Баһылай Слободчиков (Чоочо) диэн
    МНН

2 туохтуур #

Өссө элбээн, кэҥээн сайдан ис; сайын

Нууччалыы Становиться еще богаче; развиваться дальше

  • Хойут олох кэҥээн, бар дьон сайдан, билии-көрүү үксээн истэҕин аайы, биллибэтинэн-көстүбэтинэн саха тыла байыа, элбиэ.
    Эрилик Эристиин
  • Күннүк Уурастыырап хоһоонун куормата байар. Кини хоһоонун мээрэйин, тэтимин хоһоон ис номоҕор сөп түбэһэр гына оҥорор. Софр. Данилов. Тюрк. бай, байу, байы ‘богатеть’

3 этии #

Нууччалыы Сильно разбогатеть, становиться чрезмерно богатым

  • Сыта (сытыйа, туора, кэдирги) бай - сиэри таһынан аһара бай Оттон Гринштейн кини курдуктар көлөһүннэрин сүүрдэн сыта байар.
    И. Федосеев
  • Харытыан Киппирийээнэбис Бадаайап сытыйа байбыта, туора топпута.
    Л. Попов
  • Тус бэйэ иннин илимниир, сылааргыыр, сатаан оҕуруктуур, сыта байары толкуйдуур - биһиги дьыалабыт буолбатах. Дьуон Дьаҥылы

4 этии #

Нууччалыы Богатеть, наживать богатство

  • Баай бай - элбэх үптэн-харчылан, сүөһүлэн-астан, маллан-саллан Далбарай баай саныыр: аҕа баһын быһа олорон баран мин баайбынан байыах, ааппын ааттатыах суох.
    И. Данилов
  • Көмүсчүтү халаан ылбыт көмүһүнэн баай байда.
    Л. Попов
  • “Оҕом чэ, баран барҕа баайы бай, бар дьону бастаа, аҕа баһын тоһут”, - диэн алгыстаах буола турда. Эрилик Эристиин
II

5 #

Соһуйууну көрдөрөр

Нууччалыы Выражает неожиданное удивление

  • “Бай, хайа бу кимий? Кооко дуу?” - хараҥаҕа Петенче атыыһыт чаҥкынас саҥата иһилиннэ.
    С. Курилов
  • "Бай, ыалдьыт кэллэ быһыылаах, сыарҕа тыаһа кэллэ", - диэтэ Дьаакып.
    Эрилик Эристиин
  • [Күлүк:] Бай, ол Сис Сэмэнэ оҕонньор тоҕо кэллэҕэй
    А. Софронов

6 #

Дьиибэргээһини, дьиктиргээһини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает удивление, изумление

  • “Бай, бу хайа дьайтан уу халыйан таҕыста?”- диэтэ, Дьэллик олоро түспүтэ, ампаар аһаҕас аанынан уу бөҕө кутан дьалкыһытан аххан эрэр эбит.
    Н. Заболоцкай
  • Бай! Ол хантан ылбыт быраапкыный, киһини хаайар?
    Болот Боотур
  • [Тимэппий:] Бу дьиэҕэ эн тойон буолбатаххын, бу дьиэ эн дьиэҥ буолбатах. [Онтоон:] Бай! Ким дьиэтэй!
    Күндэ

7 #

Астыныыны, дуоһуйууну көрдөрөр

Нууччалыы Выражает удовлетворение, довольство. [Егор:] Бай, сыалай бараат дьоно бу тураллар

  • Дьүөгэ Ааныстыырап. Бай, доҕор, хата, бу бэйэтин күүһүн-кыаҕын чахчы билиммит киһи тыла буолаарай? Софр. Данилов. [Чүөчээски] бу иһэрин Түүлээх Уллуҥах көрдө. Көрөн саҥа аллайда: “Бай, бу байанайы көр эрэ! Бу маҥайкаан, хор, бу сылдьар эбит дии”, - диэн баран, саһан ньылбыс гынна
    Суорун Омоллоон

«Б» буукуба