ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үүн

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы расти, вырастать, увеличиваться.

English to grow, to grow up, to increase

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

Улаатан, үрдээн, хойдон ис (сүнньүнэн үүнээйигэ сыһыаннаан этэргэ)

Нууччалыы Расти, вырастать, увеличиваться. (о растениях)

  • Көрүҥ, көрүҥ эрэ! Быйыл сайылыкка сир симэҕэ олус да үүммүт эбит!
    Суорун Омоллоон
  • Бу хатыҥнар хаһан да арахсыспат үс ини-бии курдук, үһүөн эмдэй-сэмдэй үүммүттэр.
    А. Бэрияк
  • Оччоҕо саас этэ, Күөх от үүммүтэ, Үөр куба кэриэтэ, Былыт көппүтэ
    П. Тулааһынап

2 туохтуур #

Оҕо сааскыттан тахсан, улаатан ис

Нууччалыы Расти, вырасти (о детях)

  • Мин күнү көрбүтүм, Мин манна үүммүтүм, Бу налыы сыһыыбар, Бу чараҥ аларбар.
    С. Данилов
  • Үүйэ, Баанча иккиэн ынах муоһун курдук сэргэстэһэ үүммүт дьоннор.
    Л. Попов
  • Оҕом Маайа – сырдык Маай түөһэтэ; Оонньоо, сүүрэн тойторуй, Төрөөбүт кэмиҥ саас этэ, Саас курдук үүнэ турууй
    И. Эртюков

3 туохтуур #

Улаат, биллэр-көстөр гына элбээ, биллэр-көстөр буол

Нууччалыы Расти, возрастать, увеличиваться

  • "40 ырыатынан" Күннүк Уурастыырап айымньыта уус-уран өттүнэн үрдүк кэрдиискэ ыттыбыта, кини поэтическай дьоҕура, сатабыла улаханнык үүммүтэ. Софр. Данилов. Ыарахан промышленность оҥорон таһаарыыта ити сылларга икки төгүл үүммүт
    Кыым

4 туохтуур #

Сит-хот, сайын

Нууччалыы Развиваться

  • Ойуун итэҕэлэ бу өссө религияҕа диэри үүнэ илик итэҕэл буолар
    Саха фольк

5 туохтуур #

Саҕалан, буол (хол., кэм-кэрдии, сыл-хонук туһунан этэргэ)

Нууччалыы Наступать, быть (преимущественно о наступлении времени)

  • Үүннүлэр үтүөкэн да күннэр Иһиэххэ эриэккэс да салгын!
    Күннүк Уурастыырап
  • Саҥалыы сарыал күннээх Саҥа дьылбыт үүннэ! Саһа уйа биһиктэнэн Саҥа чыычаах үөскүө
    С. Данилов
II

6 аат тыл #

Ат баһыгар кэтэрдэн тимэхтэнэр уостуганнаах, тэһииннээх куртан турар ат тэрилин көрүҥэ

Нууччалыы Узда, уздечка

  • Сылайбыт акка үүнэ да таһаҕас (өс хоһ.). Ат үүнүн тиэрбэһигэр тоһоҕону туора угаллар уонна иккиэннэрин синньигэс ситиинэн баайаллар.
    Д. Таас
  • Күн аайы оҕото [ат] дьоруолаата, Көмүс үүн кылырҕаата
    С. Васильев

«Ү» буукуба