Перевод с якутского
улаат
туохтуур
Нууччалыы расти, вырастать, подрастать
English to grow, to grow up, to increase
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Сыл аайы сааһыҥ эбиллэн, улам улахан буол, төлөһүй
Нууччалыы Расти, вырастать, подрастать
Кыыс дэлби улаатта. Мустубут ыалдьыттар Охоноос быйыл лаппа улааппытын, өйдөммүтүн, көрсүөтүн хайгыы-хайгыы, сыл түргэнник да ааһарын кэпсэттилэр. Ойуку. Кырса оҕолоро улаатаат, уйаларын чугаһыгар баар хаастары кытта оонньууллар А. Бродников Улахан, сиппит киһи буол. Θ Становиться взрослым, взрослеть. Ол оҕото улааппытын, киһи буолбутун Маайа билбэт. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
“Үөрэммэтэҕиҥ куһаҕан буолуо эбээт. Улааттаххына тугу үлэлиэххиний? Арай ыалга оҕо көрөөччү буолуоҥ”, – диэтэ ыалдьыт дьахтар. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Бадин:] Михаил Иванович, мин бу дойдуга төрөөбүтүм эрэ. Улаатан баран, биирдэ да сылдьа иликпин С. Ефремов
2 туохтуур #
Үрдээн, улахан буолан көһүн
Нууччалыы Возвышаться издали (напр., дом, холм и т. д.)
Ыраахтан булгунньах улаатан көстөр. Дьиэ бэйэтэ кыракый эрээри, ортотуттан ыла килэркэй таас эркиннээх верандалаах буолан, син балачча улаатан, багдаллан көстөр. Софр. Данилов. Күнүскү кыра да тииттэр барыһан, саба баттыах курдук сабырыһан, улаатан көстөллөр Т. Сметанин
3 туохтуур #
Улам тэнийэн кэҥээ, кэтирээ (хол., үрэҕи, суолу этэргэ)
Нууччалыы Растягиваться, расширяться (напр., о речке, дороге)
Дуолумаайы от үрэх халаанын кэмигэр улаатар. А. Сыромятникова Уһун айан суола Улаатан, нэлэһийэн истэ. “ ХС
4 туохтуур #
Элбэх тутууланан, уруккугунааҕар улахан буол, тэний
Нууччалыы Делаться большим, будучи застроенным. [Серго] Ыйытта – Дьокуускай төһө улааппытын, дьон-сэргэ элбээбитин
С. Васильев С. Васильев
5 туохтуур #
Күүһүр, эбилин (киһи иэйиитин туһунан)
Нууччалыы Становиться более сильным, усиливаться (о чувствах человека)
Дьон күлүүтүн-оонньуутун истэ-истэ [Ыстапаан] санааргыыра ордук улаатта. А. Софронов Икки кустанан, үөрүүм ордук улаатта. Т. Сметанин Ону көрөн мин кыһыйарым улаатан истэ Н. Заболоцкай
6 туохтуур #
Улаханнык иһиллэр буол (тыас, саҥа туһунан)
Нууччалыы Становиться всё громче, слышнее (о звуке, голосе)
Ойуур иһигэр горн тыаһа улаатан, адьас чугаһыыр.
Суорун ОмоллоонОҕустар мөҥүрэһиилэрэ улаатта. Далан Ыт үрэрэ улаатта. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Сиэҥкэ уол кинини [кулаагы] кэнийэн, Уордайбыт куолаһа улаатта Эрилик Эристиин
7 туохтуур #
Кээмэйгинэн улахан буол, үүн
Нууччалыы Становиться большим в размере, вырастать
Бар эрэ, Харах-Харах уол, көр эрэ. Били төкүнүйэриҥ улааппыт дуу, оччообут дуу? Саха фольк Долгун көрдөрбүтүнэн туран улаатан иһэр. Н. Габышев Биэрэс аһын улаатаатын кытта хомуйан иһиллиэхтээх ЕАМ ББКП
8 туохтуур #
Сэтэрээ, күүһүр, бэргээ (ыарыы туһ.)
Нууччалыы Усиливаться (о боли или болезни). [2-с отчут:] Аата, Оруос Баай обургу Аһа-арыыта бараннаҕа, Аһаабатахпыт алта хонно
Атаҕым дьарҕата улаатта, Аһый-аһый тарта.
П. ОйуунускайЫарыыта улааттар улаатан истэ Амма Аччыгыйа
9 туохтуур #
сүөл. Бэйэҕин улаханнык санан, бэрдимсий
Нууччалыы Важничать, зазнаваться
Улахан учуонайбын диэн улаата барбат. Н. Габышев “Ээйиис, бу улааттаҕын!” – диэн абалана хааллылар кыргыттар. Н. Заболоцкай Удаҕаммын диэҥҥин Улаатаҕын, уунаҕын дии, Үрүҥ уххан тыынын Үрэн, домноон көр бэйэҥ! ТТИМ КХКК
10 туохтуур #
Туох эмэ (хол., табаар) кэриҥэ элбээ
Нууччалыы Увеличиваться (об объёме товара)
Табаар тиэйиитэ улаатар. Бөдөҥ бырамыысыланнас бородууксуйата 1913 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, сүүрбэ алта төгүл улаатта. ЯЕМ СБ
11 туохтуур #
Үрдээ, улаат (хол., албан аат, өрөгөй туһунан)
Нууччалыы Становиться большим, увеличиваться (о славе, величии)
Үрүҥ оҕус саҕа Өрөгөйүҥ улааттын, Саадьаҕай ынах саҕа Саргыҥ салалыннын! Ньургун Боотур. Самнан биэрбэт Саргы-дьаалы улаатта, Өлбөт-сүппэт Өрөгөй-талба үрдээтэ!
П. ОйуунускайУруй-туску улаатта, Саргы-дьаалы тубуста! Эллэй