Перевод с якутского
үөскээ
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы появиться, возникнуть в результате чего-л., происходить от чего-л
English to be born
1 туохтуур #
ан эмэ төрүөттэнэн баар буол
Нууччалыы Появиться, возникнуть в результате чего-л., происходить от чего-л
Мундууруйа Солууруйа Буһаарыйа, Собооруйа Хоспооруйа Кистээрийэ. бу хоһоон чабырҕах ис хоһооно кубулдьутан этииттэн үөскүүрүн көрдөрөр. Саха фольк Ырыа туохтан үөскүүрүй? Ырыа үөскүүр үөрүүттэн, Биитэр ааспат абаттан, Биитэр өлөр мөккүөртэн, Биитэр улуу тапталтан, – Куулаттарыы муҥуттан. С. Данилов Билигин манна Кэмпэндээйи диэн бөдөҥ рабочай бөһүөлэк үөскээтэ. Туус собуота тутулунна. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Олоҥхо – олох былыр үөскээбит эпос Эрчимэн
2 туохтуур #
Төрөө, ууһаа
Нууччалыы Плодиться, размножаться,
Ити дьыл куобах мэнээҕэ дохсуннук үөскээн турар этэ, эмиһэ да бэрт этэ. Эрилик Эристиин Быйыл тыа булда, ордук тииҥ, бэркэ үөскээбит. Софр. Данилов. Үлэһит муҥутаан Мойуор биир ынахтааҕар отун салаасканан таһан аһатара. Ынаҕа үөскээн син хас да сүөһүлэммиттэр ХС
3 туохтуур #
Кимтэн, хантан эрэ төрүттээх буол, ханна эмэ олорон ул аат
Нууччалыы Происходить от кого-л., откуда-л., быть родом откуда-л., вырастать где-л
Дьэ, бу, биэбэкэйим, мин этэр тылбын өйдүөн истэн тур эрэ! Эн биһикки биир ийэттэн-аҕаттан айыллан үөскээн төрүөбүппүт этэ. Ньургун Боотур. Биһиги оҕо эрдэхпититтэн бииргэ үөскээбит кэриэтэ доҕордуу дьон быһыытынан, үөрэ-көтө көрүстүбүт. А. Бэрияк Оҕолор ыраах үрэх баһыгар үөскээбиттэрэ Дьүөгэ Ааныстыырап